ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сылаастык

сыһыат

Нууччалыы тепло

English warmly

Ис хоһооно · 4

1 #

сыһ

  • Сылаастык таҥын.
  • [Сүбэлиирэп] аан дойду кыргыһыытын-кыһалҕатын барытын умнан кэбиһэн баран, хаарга батары түһэн, сылаастык, сымнаҕастык утуйан хаалыан баҕарталыыр.
    Амма Аччыгыйа
  • Ол онно, бырааҥҥа Күн ордук сылаастык ититэр, Кэҕэ да дьиктитик онно этэр.
    Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
  • Олус сылаастык тутууттан, ууну дэлэйдик кутууттан, арассаада наһаа уһун уонна синньигэс уктаах буола үүнэр.
    ФНС ОС

2 #

Ичигэстик, тоҥмот гына (хол., таҥын); итиигинэн угуттуу (хол., тык)

Нууччалыы Тепло (напр., одеваться), в тепле (напр., спать), теплом (напр., согревать)

3 #

Эйэҕэстик, аламаҕайдык; олус истиҥник

Нууччалыы Ласково, радушно; искренне

  • Ити сылаастык көрөр, киһилии кэпсэтэр Байбааскы курдук хамначчыт да киһиэхэ эргэ табыллан олорбутум буоллар.
    П. Ойуунускай
  • Кырыарбыт кыламанын быыһынан хара харахтар сылаастык мичээрдээтилэр.
    И. Гоголев
  • "Мин кэлтэччи кэпсэнэрим сатаммат", – диир оҕонньор эмээхсинин диэки бэрт сылаастык көрөн олорон
    С. Никифоров

4 #

Туох да кыһалҕата суох; тоттук

Нууччалыы Без забот; сытно, в достатке

  • Хара көлөһүнүм тохтон, хаҥкыйа-хатыйа хаттым да, сылаастык сытарбын, сынньана түһэрбин билбэтим.
    П. Ойуунускай
  • Мин биир түгэҥҥэ уолҕамдьытык, хабырдык быһыыламматаҕым буоллар, ыал түс-бас аҕата аатыран, атыттар курдук сылаастык, чуумпутук, киһилии олоруом этэ.
    И. Гоголев
  • Сахаарап орто баай төрүттээх, орто ыал – сылаастык олорор киһи. Бэс Дьарааһын. Оттон кинилэри тыллаан биэрбит дьон, урут дэлэй олоххо тэриммит далбар олохторугар сылаастык, нуһараҥнык сыталлар-утуйаллар быһыылаах
    В. Титов

«С» буукуба