ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сылаас

даҕааһын, аат тыл

Нууччалыы тёплый

English warm

Ис хоһооно · 7

1 даҕааһын #

Нууччалыы тёплый

English warm

  • сылаас күн
    тёплый деньa warm day
  • сылаас чэй
    тёплый чайwarm tea

2 даҕааһын #

Ичигэс, ичигэһинэн илгийэр

Нууччалыы Дающий, содержащий тепло, тёплый

  • Сылаас оһох. Сылаас чэй.
  • Крым биир куруордугар сылаас бадараанынан эмтэнэн баран, тахсан кэккэ ороннорго сытан сынньаналлар.
    Амма Аччыгыйа
  • Сыралҕаннаах сылаас сайын кэнниттэн, куолутунан, көрдөөх-нардаах күһүн көтөн-мөҕөн кэлбитэ.
    Н. Заболоцкай
Өссө холобурдар (1)
  • Николай Семёнович, айылааҕын үчүгэйдик көрөн хаалыым диэбиттии, сылаас ытыстарынан Наташатын икки иэдэһиттэн хаайа тутан, бэйэтигэр тарта
    Дьүөгэ Ааныстыырап

3 даҕааһын #

Ичигэс, тымныыны киллэрбэт

Нууччалыы Не пропускающий холода, утеплённый, тёплый

  • Сылаас дьиэ. Сылаас кулууп. Сылаас наскы.
  • Кыһыҥҥы ойуур – халыҥ хахха, күүстээх көмүскэл, сылаас дьиэ-уот.
    Амма Аччыгыйа
  • "Бэйэҥ сылаас таҥастаах буолан, киһи тоҥорун билбэккин", – диэн баран, Чүөчээски күлэ-күлэ, бырастыы гынар быһыынан, Түргэнин кэтэҕиттэн имэрийдэ
    Суорун Омоллоон

4 даҕааһын #

Эйэҕэс, сайаҕас

Нууччалыы Ласковый, приветливый. [Маайа] үөрүү, кыайыы сылаас мичээринэн сирэйэ сырдаабыт, эйэҕэстик саҥарбахтыыр, имигэстик хамнаммахтыыр чэгиэн, ис киирбэх эдэр дьахтар буола охсон хаалбыт

  • Омос көрдөххө, намчы быһыылаах сирэйигэр, кэмчитик да буоллар, сымнаҕас сылаас мичээр оонньоото.
    Н. Лугинов
  • Хамсыыр көмүс хара хаастаах хараҕыҥ биир сылаас көрүүтүн миэхэ туһаайдаргын тойон сүрэҕим тохтоло суох толугуруу мөхсүөх этэ. Эвен фольк

5 аат тыл #

суолт. Туох эмэ итии соҕус туруктааҕа, итиинэн илгийэрэ

Нууччалыы Тепло. Сырдык, сылаас барыта эмээхсин олорор чэҥнээх хараҥа муннугуттан кэлэргэ дылы. Амма Аччыгыйа. Сылааһы тутар чэпчэки матырыйаалы уонна өстүөкүлэни хото туттуохха. Н. Лугинов

6 этии #

Нууччалыы соотв. тёплое местечко

Этиилэр

Сылаас миэстэ

үрдүк хамнастаах, улахан илистиитэ суох үлэлиир сир Аны институт сорох салайааччылара сылаас миэстэҕэ бэйэлэрин биир дойдулаахтарын -- олордо сатыылларын көрө-көрө биирдэ эмэ кириитикэлэстэ, утарыласта дуо?

  • Дьирибинэ Сиидэрэбинэ наукаҕа туох да сыһыана суох киһи сылаас миэстэ оҥостон бүгэр эрэ сыаллаах.
    ХС

Сылааста киллэр

сылаас аһы аһаан ир-хор, сэниэтэ ыл.

Подкрепиться чем-л. горячим, отогреться.

  • Сылааста киллэрэ түһэн бараҥҥын, үчүгэйдик оҥостон утуй.
    Амма Аччыгыйа
  • Чэйиҥ, дьиэ сылыйыар диэри тахсан чэйдэ иһиҥ, сылааста киллэриҥ!
    Н. Якутскай
Өссө холобурдар (1)
  • Ылдьаа букатын кэмниэ-кэнэҕэс, чэйин сылытан, сылаас киллэрбитэ, аһыттан кыратык айаҕын хамсаппыта буолла.
    Н. Заболоцкай

Сылаас хараххынан көр

1) кимиэхэ, туохха эмэ сымнаҕастык сыһыаннас, аһын.

Ласково смотреть, ласкать взглядом.

  • Саҥа олох оҥоһуллар суолугар киирэн эрэбит, ол суолбут – холкуос.

Ээ, оннук,

диэн сэҥээрэн сылаас хараҕынан көрө-көрө сэргиир Баһылайап. Күндэ Ийэ барахсан минньигэстик утуйа сытар оҕотун диэки сылаас хараҕынан көрдө, сүрэҕэ манньыйда. "ХС"; 2) бэрт буола сатаа.

Заискивать, угодничать.

  • Сурутуу, биллэн турар, дуона суох кэлэр, дьэ оччоҕо бары миигин сылаас харахтарынан көрөллөр. П. Аввакумов

7 этии #

Нууччалыы Якутская национальная игра: в середине площадки начерчивается круг размером с прорубь

Этиилэр

Сылаас сымалаҕа үктэннэрии

саха оонньуута: оонньуур сир ортотугар ойбон саҕа төгүрүк сурааһын (сымала) тардыллар.

  • Оонньооччулар, илиилэриттэн сиэттиһэн, сымаланы тула тураллар уонна бэйэ-бэйэлэрин үтүрүйсэн, тардан сымалаҕа үктэннэрэ сатыыллар. Сымалаҕа үктэммиттэр оонньууттан туорууллар, үктэммэккэ соҕотоҕун ордубут кыайар Игроки становятся за чертой круга, держась за руки, и стараются затолкнуть друг друга в круг. Тот, кто переступает черту круга, выбывает из игры, оставшийся последним становится победителем. Оҕолоор, эһиги сылаас сымалаҕа үктэннэрии диэн оонньуу баарын билэҕит дуо? Ср. ДТС йылыҕ ‘тёплый, приветливый’, тат. жылы ‘тёплый’

«С» буукуба