ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

кытар

туохтуур, аат тыл

Нууччалыы нагревать

English to heat up

Ис хоһооно · 9

1 туохтуур #

Нууччалыы нагревать

English to heat up

  • кытарбыт тимир
    раскалённое железоhot iron
I

2 туохтуур #

Кыһыл өҥнөн, дьүһүннэн; тэтэр (долгуйан, кыбыстан, тоҥон, итииргээн хаана ыгыллан киһи сирэйин, кулгааҕын о. д. а. өҥө уларыйарын туһунан)

Нууччалыы Покрыться румянцем, покраснеть, раскраснеться (о лице); смущаться. Мэхээс оҕонньор киирэр, кытарыар диэри ыга кыыһырбыт

  • Кыһыл дьүһүннээх буол; кыһыл өҥнөн. Становиться красным; краснеть, пламенеть (о предмете). Күрүө анныгар кини өлбүт тамыйаҕын тыҥата кытаран сытар.
    Амма Аччыгыйа
  • Көрүҥ эрэ, талахтар Хайдах кытарбыттар, Умайар уот өҥнөөхтөр, Олус кыһыл буолбуттар.
    И. Эртюков
  • Сайыҥҥы күн бастаан кытарымтыйан, онтон кытаран, онтон ньолбойо туртайан, онтон ууттан күлүмнүү ойон таҕыста. Н. Павлов
Өссө холобурдар (2)
  • Кыыс оҕо хаҥыл сүрэҕэ битийэн тэптэ, иэдэһигэр хаана оонньоон кулгааҕын эминньэҕэ кытта кытарда.
    М. Доҕордуурап
  • Кытаран хааллым, кыбыһынным, кыбыһынным эйигиттэн
    Баал Хабырыыс

3 туохтуур #

Кыһыл өҥнөнүөххэр диэри күүскэ итий, сирэлий (тимир кыһа уотугар сыралларын туһунан)

Нууччалыы Раскалиться докрасна (о металле)

  • Борокуот аал тимир курдук сирдьигинээтэ, кытарбыт болгуо курдук сырдьыгынаата.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Кытарбыт ыстаалбыт ырыата лыҥкыныыр, Кыстыктаах балтаҕа охсуллан чыҥкыныыр.
    П. Ойуунускай
  • Мин үктэнэн турар буорбар Кырыыс иҥмитэ, кини мин тиҥилэхпин Кытарбыт тимирдии хаарыйар
    И. Гоголев

4 туохтуур #

Сит, бус (кыһыл астаах отон, үүнээйи туһунан)

Нууччалыы Покраснеть, созреть (о ягодах, плодах)

  • Туох буоларый атырдьах ыйыгар, Тугунан күндүнүй, биллэрий? Отон кытарар, бурдук быһыллар.
    И. Эртюков
  • Этиллибит ньыманы тутуннахха помидор олус түргэнник кытарар. ФНС ОАҮүС. Ханнааҕар да ордук ньулуун Хаптаҕас манна кытарар, манна сугун ордук хойуу, Моонньоҕон ордук хараарар
    С. Данилов

5 туохтуур #

Таҥас хайдыбытын быыһынан көһүн, көстө сырыт (киһи сыгынньах этин этэргэ)

Нууччалыы Проглядывать сквозь лохмотья (о теле человека)

  • Кулут буолан этэ кытара сиэлбитин, субу баар курдук, өйдүүр буолб аат.
    Суорун Омоллоон
  • Кыһынын тиийэн Кыһыл сыгынньах Кытара сүүрбүтүгэр, Тордохус курдук Торбос сонноотулар.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Күһүөрү атаҕа хатыран, Суолугар симэһин хаалара, Тымныыга тобуга кытаран, Эттэрэ дыгдайан тахсара
    Эрилик Эристиин

6 туохтуур #

сөбүлээб. Хомуньуустар диэки санаалан, аһаҕастык кинилэргэ үлэлээ

Нууччалыы Становиться на сторону коммунистов, открыто работать на них

  • Уруккута бэйэтэ өстөөх Ол бүгүн ордук "кытарар". Дьуон Дьаҥылы. [Силипиэн:] Хомсомуол, пионер баһаатайа буолан кытарбыккын, чолойбуккун кэмсиниэҥ ээ
    Л. Габышев

7 этии #

Нууччалыы Стыдиться, смущаться, стесняться (букв. лицо его покраснело)

Этиилэр

Айаҕа кытарар (хараарар, оҥойор) көр айах

  • Тоҕо элбэх ынах эрдэ уолбутун туһунан ыйыппытыгар дьахталлар айахтара кытара түстэ.
    А. Федоров
  • Иван уус, куулга мээккэ бурдугу кута-кута, тугу эрэ араатардаан айаҕа кытарар.
    М. Доҕордуурап

Бэлэһэ кытарар көр бэлэс

Атыттары да күһэйэр буолара диэн бэлэстэрэ кытарда. Амма Аччыгыйа. "Бэйи, эһигини да көрөн-истэн иһиллиэ!" - диэн бэлэһэ кытара түһээччи. И. Гоголев. Сирэйэ кытарда - кимтэн, туохтан эмэ кыбыһынна, саатта Он кого-то, чего-то застыдился, сильно сконфузился. Оҕом майгытыттан сирэйим кытарыа дии санаабаппын. А. Софронов. Маайа хайаан да миигин ыйыттара кэллэхтэрэ диэн, сирэйэ кытарда. Н. Якутскай. Ытыһа кытарда - кимэ, туга да суох хаалла, матта.

Остаться с пустыми руками, ни с чем.

  • Сиэнньэҕиттэн ытыһын кытарда баҕас ини. Москуобаттан көтүөҕэр кыната эрэ суох ыраас кыыһы булан аҕалыа. М. Доҕордуурап

8 этии #

Нууччалыы Краснеть, багроветь

  • Дьэс кытар - кып-кыһыл эбэтэр өһөх кыһыл өҥнөн Баайдар сирэйдэрэ дьэс кытарбыт, сирэйдэрэ-харахтара турбут.
    Эрилик Эристиин
  • Киирэн эрэр күн дьэс кытаран көстөр.
    А. Федоров
  • Кытара кыыс - уот кыһыл өҥнөн. Θ Алеть, рдеть. Кыырай халлаан кытыытыттан Кылбайар маҥан күн Кытара кыыһан тахсыа.
    А. Софронов
Өссө холобурдар (4)
  • Эн, нарын киһи, кыбыстыбыт санааҕар кытара кыыспыттара эдэркээн иэдэстэриҥ!
    С. Данилов
  • Кытара сытый үөхс. - кими эмэ кыһыл сирэйинэн үөҕэн, абааһы көрөн этиллэр. Θ Ругательное выражение, передающее отношение неприязни, ненависти к кому-л.; бесстыжая рожа. Сыллай, кытара сытыйбыт, манна биир-бииргэ тиийэн кэлбэт ээ.
    Амма Аччыгыйа
  • Эмиэ хааннаах андаҕар ылаары кытара сытыйан олороҕун дуо?
    Болот Боотур
  • Тюрк. кызар
II

9 этии #

Нууччалыы Завершать, заканчивать, доводить до конца начатое

  • көр кытыар. Хайа, холкуоскутугар миигин кытардыгыт дуо?
    А. Софронов
  • Биһигини ким кытарыай? Биһиги бултуур сэппит даҕаны куһаҕан, бэйэбит даҕаны мөлтөхпүт.
    Амма Аччыгыйа
  • Ити аата кини миигин бэйэтин айар үлэтигэр кытарыан баҕарбыт эбит. Суорун Омоллоон
Өссө холобурдар (2)
  • Ыпсыытын кытар кэпс. - 1) тугу эмэ (дьыланы, үлэни о. д. а.) уһуннук сыһа-соһо сылдьыбакка, тардыбакка ситэр-хотор, бүтэр-оһор Айдаана суох ыпсыытын кытара сылдьар.
    Амма Аччыгыйа
  • Бука, бэрт наҕыл, туохха да тиэтэйбэт-саарайбат киһи курдук буолан баран, барыны бары түргэнник бүтэрэн, хайдах эрэ ыпсыытын кытаран иһэр үгэстээҕэ. Д. Таас; 2) биир тылы бул, сөбүлэс. Θ Находить с кем-л. общий язык. Буруйдааччы уонна буруйданааччы икки өттүттэн ити чааһынан ыпсыытын кытарар тылы кыайан булбатылар. Д. Таас

«К» буукуба