ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сылба

аат тыл

Нууччалыы остаток сил утомлённого, изнурённого чем-л. человека

аат тыл

, кэпс. Улаханнык сылайбыт, илистибит киһи күүһэ-сэниэтэ

Нууччалыы Остаток сил утомлённого, изнурённого чем-л. человека

  • Биһиги өстөөҕү модун күөммүтүнэн көрүстүбүт, тимиргэ тоһуйдубут, уокка уоту астыбыт, сылбаларын быһар дьаныардаах кыргыһыыга туруннубут.
    Амма Аччыгыйа
  • Кэнникинэн кинилэр [дьоннор] күнү-түүнү да арааран билбэт буолбуттара, сылбалара быстан, сыылан ыла-ыла, аатын эрэ атахтарын сыҕарыталлара.
    Суорун Омоллоон
  • Кини бүгүн олус илиһиннэ, сылбата быста сылайда, сирэйин үлүттэ
    В. Протодьяконов
Өссө холобурдар (3)
  • Күүс, сэниэ, сыра (эти-сиини, былчыҥы этэргэ). Θ Сила (физическая). Уһугар тиийэн сылбалара быстан, аҕылаһа-аҕылаһа көбүөргэ тиэрэ түһэ сытан сынньаммыттара.
    Далан
  • Саһаан эрбээһин сылбаларын ылла.
    Н. Босиков
  • – Тэлиэгэҕэ ырычаах бөҕөнөн таһаардыбыт эбээт, киһибит сылбата наһаа да быстаахтаабыт эбит
    П. Егоров

«С» буукуба