ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сылбаа

туохтуур, даҕааһын

Нууччалыы делать что-л. для виду, худо-бедно мастерить (напр., будучи немощным или из-за лени). [Кириинньэ:] Мин, үлэни кыайбат киһи, аа-дьуо сылбаан сүөһү киирбэт гына оҥорон биэриим

1 туохтуур #

Мөлтөхтүк, дьоҕойон да буоллар тугу эмэ оҥор (хол., кыаҕыҥ суоҕуттан биитэр сүрэҕэлдьээн)

Нууччалыы Делать что-л. для виду, худо-бедно мастерить (напр., будучи немощным или из-за лени). [Кириинньэ:] Мин, үлэни кыайбат киһи, аа-дьуо сылбаан сүөһү киирбэт гына оҥорон биэриим

  • Былыргы биһиги аҕаларбыт, эһэлэрбит туппут тоһоҕо бүтэйдэрэ эмэҕирэн, тохтон хаалбыттарын си буолуохтааҕар барыгылдьытан сылбаабыта буолалларыттан сүөһү иҥниэ дуо?!
    КН ПБ

2 даҕааһын #

суолт. Мөлтөх, бытаан

Нууччалыы Слабый, медлительный

  • Уолаттарым сылбаа бэйэлэрэ сылбырҕалара дьэ киирдэ, ох сааларынан ытаары чирэстилэр
    Чолбон

«С» буукуба