ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сылдьыс

Нууччалыы наносить друг другу визиты, бывать друг у друга дома; иметь сношения

1 #

Кимниин эмэ хардарыта кэл-бар, сибээстэс (дьиэ дьиэнэн эбэтэр тус-туспа түөлбэлэр, нэһилиэктэр, куораттар, атын-атын дойдулар икки ардыларыгар кэлии-барыы туһунан)

Нууччалыы Наносить друг другу визиты, бывать друг у друга дома; иметь сношения (напр., между разными районами, населенными пунктами, городами, странами)

  • сырыт диэнтэн холб. туһ. Бу от кэбиһиитигэр кини өссө сылдьыспыта.
    Суорун Омоллоон
  • Ону истэн-истэн, мин бэйэм кытта сылдьыспыт курдук ону өйдөөн хаалбыппын.
    Н. Заболоцкай
  • Бу күннэргэ үксүн Уйбаанчык уолаттары кытта сылдьыста. "ХС"
Өссө холобурдар (3)
  • Киргиэлэй Дьөгүөрэп убайын кытта туохтан эрэ кыыһырсан, сылдьыспат буолбуттар эбит.
    Амма Аччыгыйа
  • Оччотооҕуга хара тыа, таас хайа быыһыгар саһан сыппыт Алдаҥҥа хайа даҕаны өттүнэн сылдьыһар суол-иис суоҕа.
    И. Никифоров
  • Илья Дорофеевич биһикки, соччо чаастатык да буолбатар, хардарыта сылдьыһар этибит
    ХС

2 #

Кими эмэ кытта таптас, эрдии-ойохтуу курдук сыһыаннас

Нууччалыы Вступать с кем-л. в половую связь

  • Дьөгүөрсэ бэйэтин сахалыы санаатыгар, дьахтары кытта сылдьыһар буолла да, оҕону оҥорор кыахтаах курдук сананара.
    Н. Якутскай
  • Сифилиһинэн киһи үксүн итинник ыарыылаах киһини кытта уурастаҕына, сылдьыстаҕына сыстар
    ЯИИ ВЫаХ

«С» буукуба