Перевод с якутского
сирэйдээ
туохтуур
Нууччалыы очистить бревно от коры и стесать с одной стороны так, чтоб была ровная плоская поверхность
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Хатырыгын ыраастаан, маһа кылбаччы көстүөр диэри хаптаччы суор
Нууччалыы Очистить бревно от коры и стесать с одной стороны так, чтоб была ровная плоская поверхность
Өр-өтөр буолбатаҕа, сонос бэрэбинэлэри сирэйдии суорталаан тыраап охсоллор. Н. Якутскай Хабырыыс Чакыананы кытта быыс буолар тоһоҕону сирэйдии охсон бэлэмниэхтээхтэр. А. Сыромятникова Балаакка таһыгар титириги суоран сирэйдээбит уһун остуоллаахпыт ХС
2 туохтуур #
Ханна эмэ кэлэ, тиийэ сырыт, сирэйгин көрдөр (үксүгэр буолб. ф-ҕа тут-лар.)
Нууччалыы Появляться где-нибудь, бывать где-нибудь (обычно употр. в отриц. ф. и отриц. оборотах)
"Аны тыымпы күөлү икки атахтаах сирэйдиир да үһүө", - диэн курутуйа саныы-саныы, мин тыа диэки тахсан истим. Н. Неустроев Ааныс Василий Макаровиһы аанньа билбэт этэ, оскуоланы сирэйдээбэтэх киһи. А. Сыромятникова Оҕонньор -- куораты сирэйдээбэтэҕэ ХС
3 туохтуур #
тылы кытта туттуу түһүгүнэн ситимнэспит урут сыһыат туохтуур форматыгар: "киминэн-тугунан эмэ тустаан" диэн суолтаҕа туттуллар
Нууччалыы В форме деепричастия на -ан в сочетании с существительными в орудном падеже употребляется в значении: “в лице кого-л., при посредстве кого-л. ” Ити Борисов, Саввинов Валерийдарынан ыччаты бары сирэйдээн көһүүнсүйбүтүнэн ааҕар табыллыбат
[А. Е. Кулаковскай] сүүһүнэн дьон уопсай өрүттэрин аата-суола суох киһинэн сирэйдээн көрдөрөрү ордорор. ФЕВ УТУ. Соловейынан, кырбыйынан сирэйдээн, поэт кимнээхтэри көрдөрбүтүй? КФП БАаДИ
4 туохтуур #
Урут сыһыат туохтуур форматыгар "тус анаан-минээн" диэн суолтаҕа туттуллар
Нууччалыы В форме деепричастия на -ан употребляется в значении: "лично, персонально"
Саҥа сири барытын эппиэттээх хаһаайыҥҥа сирэйдээн туттаран эрэ ситиһиэххэ сөп. ПАК НТ. Холкуостаахтар үлэлэрэ сирэйдээн ыйыллыбат КХҮТ
5 этии #
Сири-саары сирэйдээ - сир-буор сирэйдээ диэн курдук (көр сир-буор). Бэйикэй, хара ыт, бу айылаах оҥордоххун, сири-саары сирэйдиэм, кулугур кулгаахтыам. Эрилик Эристиин. Хайдах гынан Сэргээйэп уолун сири-саары сирэйдиэм буолла. М. Доҕордуурап.
Этиилэр
Сир-буор сирэйдээ көр сир-буор
Абаҕата Чоочо кэлэн: "Акаары, үөрэн!" - диир, Сир-буор сирэйдээтиҥ диэн Сирэйигэр силлиир. И. Чаҕылҕан [Арыгы] хайдахтаах да өйдөөҕү өйүн сүүйэр, бэртэри да бэтиннэрэр, сир-буор сирэйдиир амырыын аптаах ас буоллаҕа. "ХС"