ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сылтах

аат тыл

Нууччалыы повод, предлог, удобный случай, причина для чего-л.

1 аат тыл #

Киһи тугу эмэ оҥороругар эбэтэр туох эмэ буоларыгар төрүөт курдук туһаныллыан эбэтэр төрүөт буолан тахсыан сөптөөх түгэн, тоҕоос; тастыҥ төрүөт

Нууччалыы Повод, предлог, удобный случай, причина для чего-л. (напр., для совершения какого-л. действия, поступка)

  • Сэмэн өйдүүрүнэн, урут буолан ааспыт сэриилэр туох эрэ мөккүөртэн, сылтахтан төрүөттэнэн саҕаланаллар.
    Н. Якутскай
  • Уолун кытта иллэһэр сылтах көстүбүтүттэн кулуба үөрдэ.
    И. Гоголев
  • Туох барыта ситимнээх, сибээстээх буолар. Онон бу буруйа туох төрүөтүнэн, сылтаҕынан буолбутуй, маннык дьайыы тахсарыгар биричиинэтэ тугуй -- диэн ыйытыыларга эппиэттээн ааһар наадалаах
    Кыым

2 этии #

Нууччалыы Нарочно искать повод, зацепку для совершения какого-л. действия

Этиилэр

Сылтах(та) бул

тугу эмэ гынаары, оҥороору төрүөттэ, биричиинэтэ соруйан була сатаа Тогойкин дьиҥэ, хайа үрдүгэр тахсыан баҕаран, сылтах була сатыыр быһыылаах.

  • Аркадий, сылтах булан, сотору-сотору киниэхэ [Анфисаҕа] киирэр.
    Н. Габышев

Сылтах көрдөө көр сылтах бул

  • "Бэрт сөп" – диэн саҥа аллайбытынан, кини ойон туран, сүүрэригэр-көтөрүгэр туох эмэ сылтаҕы көрдөөн, ол-бу диэки көрбөхтөөтө.
    Амма Аччыгыйа
  • Силиэстийэ барар бириэмэтигэр Неустроевка бэйэтигэр, эмиэ сылтах көрдүү сатаан, араастаан куһаҕаннык сыһыаннаспыттар.
    П. Филиппов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. кирг. чылтак, хак. сылтаҕ, ДТС тылдаҕ ‘причина, повод, отговорка’, каракалп. сылтау ‘довод’, алт. шылтак ‘повод, случай, причина’, бур. шалтаг ‘повод, причина, отговорка’

«С» буукуба