Перевод с якутского
көнтөс
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы лошадиный повод из конского волоса
1 аат тыл #
Сиэлинэн хатыллыбыт хас да утаҕы холбуу тигэн оҥоһуллубут хаптаҕай быа (сылгыны сиэтэргэ, баайарга аналлаах)
Нууччалыы Лошадиный повод из конского волоса (из гривы)
Атын көнтөһүттэн сиэтэн, собуоһуна иһигэр киллэрэр. Н. Якутскай Синньигэс соҕус тииккэ көнтөһүттэн хантаччы баайыллан турар ат аттыгар бэрт улахан хааһахтар төкүнүһэ сыталлар Н. Заболоцкай
2 даҕааһын #
суолт. Кыайан токуйбат буолбут (киһи атаҕын, илиитин туһунан)
Нууччалыы Несгибающийся (от травмы, болезни - о ноге, руке)
Кыайыы сайыныгар көнтөс атахтаах, илиибэр тайахтаах -- Дьокуускайы булбутум. Н. Босиков Сүгэ уга үөһээ кирээкэҕэ хатан турарын хаҥас көнтөс илиитин сиэҕин иһинэн уктан -- Кутаахаан убайыгар Чыппаҕа барбыт. БИГ ӨҮө С. Ср тув. хөнэ, алт. көнө ‘привязь (для ягнят, козлят)’
3 этии #
Көнтөс буол - ыалдьан, оһоллонон токуйбат буол (киһи атаҕын, илиитин этэллэр) Атаҕа көнтөс буолан, аармыйаҕа барбакка сылдьар. В. Башарин. Саамай туттар-хаптар, наадалаах илиитэ көнтөс буолан хаалбыт. М. Горькай (тылб.)
Нууччалыы Стать несгибающимся вследствие травмы, болезни, деревенеть (о ноге, руке)