Перевод с якутского
сылый
туохтуур
Нууччалыы теплеть, становиться тёплым; нагреваться, согреваться
1 туохтуур #
Сылаас буол
Нууччалыы Теплеть, становиться тёплым; нагреваться, согреваться
Мойот Аагалыын күөгүлүү олороллор. Өрүс долгуннара өҕүрүйбүт, уу үрдэ сылыйбыт. Т. Сметанин Саас буолан күн сылыйан, хаар ууллан барда. П. Филиппов Күндү кэммит эргийдэ, Күммүт уота сылыйда, Күөрэгэйдиир чыычаахпыт көтөн-дайан күөрэйдэ А. Абаҕыыныскай
2 туохтуур #
Дууһалыын, сүрэхтиин-быардыын сылаанньый; сымнаа
Нууччалыы Испытывать какое-л. теплое чувство; теплеть душой, добреть
Маайыс -- үөрэн сүрэҕэ сылыйбыта да, өһүргэнэн этэ тарпыта да биллибэт, төбөтүн ньүрүччү туттан, сургучу көрөн олорор. Амма Аччыгыйа Халахай Аана үөлээннээҕин кытта өр сэһэргэһэн, сүрэҕэ-быара арыый сылыйда, эдэр сааһын, сэмэй бэйэтин өйдөөтө. М. Доҕордуурап Эт-эппит сылыйдаҕын, сүрэх-быар сылаанньыйдаҕын, тоҕо баҕас үчүгэйэй. Т. Сметанин
Өссө холобурдар (1)
Ср. тув. чылы ‘делаться тёплым, согреваться’, кум. йылы ‘тёплый’, ДТС йылы ‘согреваться’, алт. дьылы ‘греть, согревать’