ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сырылаа

туохтуур

Нууччалыы скатиться с горы на большой скорости

Ис хоһооно · 4
I

1 туохтуур #

Үөһэттэн таҥнары дьулурҕатык сыыр устун туох эмэ тэрилгэ олорон, анньынан (хол., салааскаҕа, хайыһарынан) эбэтэр төкүнүйэн түс

Нууччалыы Скатиться с горы на большой скорости

  • Оҕонньор сыыһа туттан, уолу үрдүнэн сырылыыр.
    Күннүк Уурастыырап
  • Очурдарга охсулла-охсулла, сыыры таҥнары сырылаан түһэн истим.
    Т. Сметанин
  • Турар очуостар төбөлөрө Тохтон суулуннулар, Сытар сындыыс хайалар Сырылыы тоҕуннулар.
    П. Ядрихинскай
Өссө холобурдар (1)
  • Сыыры таҥнары хайыһар сыыйылла сырылаата.
    АЕ СТ

2 туохтуур #

Олус күүскэ итий, куйааһыр, сыралҕаннаах буол (хол., куйаас күн туһунан)

Нууччалыы Излучать жар, пылать жаром, быть очень жарким, знойным

  • Куйаас түһэн сырылаан эрэр.
    Н. Заболоцкай
  • Көхсүнү кэҥэтэр көй куйаас түһэн сырылаабыт.
    Н. Түгүнүүрэп
  • От үүммүт даҕаны, Уот куйаас сырылыыр! Аһыҥа баҕайы Хотуурун сытыылыыр
    Баал Хабырыыс
II

3 туохтуур #

тыаһы үт. туохт. Быыстала суох биир кэмник "сырр" диэн эрэр курдук тыаһы таһаар

Нууччалыы Шипеть, шкворчать; трещать

  • Кус кынатын тыаһа сырылаан кэлэн уҥуор от саҕатыгар түһэн кэбистэ.
    Суорун Омоллоон
  • Сотору чаанньык оргуйан сырылаата.
    С. Никифоров
  • Сылабаар оргуйан буруолаата, Алаадьы буһан сырылаата
    С. Васильев

4 туохтуур #

Олус күүһүр, чуҥкунуур тыастаах буола дөйүөрэ тоҥ (тымныыны, тымныы салгыны этэргэ)

Нууччалыы Звенеть, трещать (о морозе)

  • Халлааммыт тымныыта сырылаан Аан туман оргуйа турбута.
    Эрилик Эристиин
  • Тоһуурга сытааччылар -- тыыннахтарына, тымныы сырылыыра эрэ иһиллэр.
    В. Протодьяконов
  • Кыһыҥҥы ыыс-быдаҥҥа киһи тыына сыыгыначчы сырылыыра оту ыһан эрэр тыаска холонор. КНП КУу
    А. Ср
Өссө холобурдар (1)
  • кирг. шырылда ‘трещать, шуршать, журчать’, каракалп. шырылдау ‘пищать, издавать писк’, сырылдау ‘клокотать (в груди, в горле)’

«С» буукуба