Перевод с якутского
сырыынньа
даҕааһын, сыһыат
Нууччалыы пологий, отлогий, покатый, не крутой
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
Туруору буолбакка сыыйа үрдүүр эбэтэр намтыыр (сыыр, хайа тэллэҕэ, түһүү, тахсыы туһунан)
Нууччалыы Пологий, отлогий, покатый, не крутой (о подножии горы, склоне, небольшом подъёме)
Биһиги сырыынньа сиринэн оргууй мыраан тэллэҕин устун өрө тахсабыт. Н. Заболоцкай Итиэннэ иккис этээс кирилиэһэ наһаа сырыынньа С. Дадаскинов Хаптаҕай, үрдүгэ суох (мурун туһунан). Θ Небольшой, аккуратный (о носе). Сырыынньа, хаптаҕай муруннаах, бэрт ис киирбэх сэбэрэлээх, сааһын ситэн эрэр хороччу улааппыт кыыс оҕо дьахтар этэ Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (2)
Мантан ыла суоллара биллэ-биллибэт сырыынньа аллара түһэр эбит. ХС Амбразура иннигэр тубус-туруору сыыр, сороҕо кыайан көстүбэт, онтон дьэ сырыынньа түһэн хотоол буолар. К. Симонов (тылб.)
2 даҕааһын #
Сымнаҕас, намыын-намчы, көрсүө-сэмэй (хол., майгы)
Нууччалыы Мягкий, нежный (о лице), кроткий (о характере человека)
Сырайдаах гиэнэ сырыынньата эбит, уҥуохтаах гиэнэ туруорута [эбит], Суһуохтаах гиэнэ субугура эбит – бу дьахтар. ПЭК ОНЛЯ III. Оттон Өрүүҥкэ туһунан сахсаан "эмиэ да иистэнньэҥ, хоһуун, эмиэ да киэргэмсэх, эмиэ да сытыары-сырыынньа, эмиэ да үөрэхтээх" диэн этэ Дьүөгэ Ааныстыырап "Оол арыыны сырыынньа көр эрэ. Буруота көстөр", – диэтэ оҕонньор. А. Сыромятникова [Миитэрэй] тааһынан уу кырсынан сырыынньа элээрдэн кэбиспитэ, тоҕуста тэйэн баран тимирбитэ. ФЕВ УТУ. [Князь Андрей] киирэн эрэр күн уотугар килбэҥниир өрүс сүнньүн сырыынньа одуулаһан турда. Л. Толстой (тылб.)
3 сыһыат #
Сыыйа, сытыары соҕустук
Нууччалыы Постепенно, плавно, с небольшим наклоном (спускаться, снижаться)
4 сыһыат #
Туох эмэ көстүүнү сырса, кырсынан
Нууччалыы Вдоль чего-л., в направлении чего-л
5 даҕааһын #
Сыыйа, улам, биир тэҥник, туох да утарсыыны көрсүбэккэ
Нууччалыы Ровно, гладко, без шероховатостей
Күндэ пьесалара социальнай конфликтара -- тыҥаан сайдан испэт этилэр, сюжеттара олус судургутук, сырыынньа тэнийэллэрэ. ССЛИО. Каутскай -- революция баран иһэр устаабын сырыынньа, уурбут-туппут курдук гына оҥорон биэрэллэригэр эрэ баҕалаах. В. Ленин Ср. тюрк. йар ‘крутой (высокий) берег’