Перевод с якутского
сыыҥтаа
туохтуур
Нууччалыы сморкаться
1 туохтуур #
Муннугуттан сыыҥы төлө тыынан таһаар
Нууччалыы Сморкаться
Онуоха анараа киһи чыр-чыр силлээтэ, тыыт-таат сыыҥтаата, баһын-атаҕын хамнатан кэбистэ. Саха фольк Киһим уолуһуйбакка, оргууй мин диэки эргиллэн көрдө, онтон эмискэччи сыыҥтаан бар гыннарда. Амма Аччыгыйа Оҕонньор эмиэ аа-дьуо сыыҥтыыр, холкутук унаарытан "һай-ай" диир буолла
Суорун Омоллоон
2 этии #
Нууччалыы Выказывает презрительное безразличие, игнорирует
Сыыҥтыан да баҕарбат - аанньа аахайбат, сэнээн улахаҥҥа уурбат Үрэ, ыаспайдыы олорума! Эн үөннэргэр мин, кырдьыга баран эттэххэ, сыыҥтыахпын да баҕарбаппын! Н. Босиков [Байбал:] Бэйи, тохтоо, эн уолуҥ үөрэҕэр сыыҥтыахпын да баҕарбаппын. А. Сыромятникова Баай Байбал били сыыҥтыаҕын да баҕарбатах Мэхээлэтэ баайга баҕаран, кини кыыһын Марыынаны ойох ылаары Уйбаан оҕонньорунан ыҥыртарарын кытта бэркэ үөрэр. НСА ПШЯП
3 этии #
Нууччалыы Носовой платок
Сыыҥтыыр былаат - түөрт муннуктаах сиэпкэ укта сылдьар лоскуй таҥас Скрябин сиэбиттэн түөрт муннуктуу сууламмыт ыраас сыыҥтыыр былаатын таһааран, көлөһүнүн обортордо, моонньун соттуммахтаата. Н. Борисов "Саҥа дьылы үчүгэйдик көрсөргүтүгэр, дьоллоох, доруобай буоларгытыгар баҕарабын", - диэн баран, дириэктэр сыыҥтыыр былаатынан айаҕын саба туттубутунан, сөтөллөөрү ыксаан, тахсан барда. Н. Босиков Попов, көлөһүн бычыгыраабыт тараҕайын кирдээх сыыҥтыыр былаатынан сотто-сотто, оҕолуу үөрбүтүн көрөн, Гена эмиэ мичээрдээтэ. А. Кривошапкин (тылб.)