ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сыҥ

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы с шумом втягивать носом воздух, шмыгать носом

Ис хоһооно · 5
I

1 #

өрө (өрүтэ) сыҥ – муннугар кэлэр убаҕаһы (сыыҥы) таһаарбакка төттөрү сыҥсый

Нууччалыы С шумом втягивать носом воздух, шмыгать носом

  • Муннуларын өрүтэ сыҥан кэбиһэ-кэбиһэ, бэрт оргууй хаамсан байааттаҥнаһа истилэр.
    Амма Аччыгыйа
  • Ким да саҥарбата, арай уолчаан сыыҥын өрө сыҥта.
    И. Гоголев
  • Эмээхсин кэҥэриитэ кычыгыланан, хараҕын уута бычылыйан кэллэ, иһиллэр гына өрө сыҥан ылла.
    П. Аввакумов
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. ДТС йиҥ ‘сопли’, уйг. зиҥ-зиҥ ‘нытье’
II

2 аат тыл #

Кыра хойуу мастаах, киһи сатаан сылдьыбат кыараҕас, сииктээх ойуура

Нууччалыы Густо заросший сырой лес, заросли, чащоба. [Уйбаан] аҥхалас сирдэринэн, сыҥ быыстарынан элэстэнэн истэ

3 даҕааһын #

суолт. Олус хойуу мастаах, ыркый

Нууччалыы Густо заросший, труднопроходимый

  • Кини сөбүлүүрэ -- сыҥ ойуурдарга бөлүөхсэр тыа кыылларын кистээн кэтиирин.
    Далан
  • Сыҥ ойуур быыһынан табалар муостара адаарыһан кэлбиттэр.
    В. Миронов
  • Мохсоҕоллоох сыҥ тыатыгар атын да көтөр-сүүрэр олохсуйара.
    ХС
Өссө холобурдар (1)
  • Тэҥн. симилэх, иһирик, сыбар, сылбах

4 этии #

Нууччалыы Вода, скапливающаяся в углублениях в земле во влажном лесу

Этиилэр

Сыҥ уута

улахан сииктээх буолан ойуурга үөскүүр уу Дьэбдьиэ уу баһа сыҥ уута киирэр дулҕалаах сир диэки барда.

  • Холлороон сиргэ сыҥ уута тыгыалыы сытара.
    И. Федосеев
  • Ср. алт. чыҥ, шыҥ йер ‘глухомань’, шыҥ тайга ‘глухая, дремучая тайга’
III

5 #

сыҥ хааһах – улахан уонна ыарахан хааһах, тирии мөһөөччүк

Нууччалыы Тяжёлая сума

  • Сыанаҕа биэрбэт сыҥ хааһах. Ср. ДТС шиҥ, кит. шэн ‘шэн, китайская мера ёмкости около 1,035 литра’

«С» буукуба