Перевод с якутского
сыһый
туохтуур
Нууччалыы укрощаться, усмиряться; поддаваться укрощению, быть обузданным
1 туохтуур #
Киһиэхэ үөрэн сымнаа, миҥэтий (хол., хаҥыл сылгыны этэргэ)
Нууччалыы Укрощаться, усмиряться; поддаваться укрощению, быть обузданным (напр., о необъезженной лошади)
Сүөһүлэрэ арыый сыһыйдылар. Ол да буоллар, үүтүн ыама букатын кыра. А. Фёдоров Нөҥүө күнүгэр син сыһыйа быһыытыйбыт аттарга ындыыларын көтөхтөрөн, айаннарыгар туруммуттара Тумарча
2 туохтуур #
Эдэр сааһыҥ уоҕун уҕарытан дьоһуннан, түспэтий
Нууччалыы Остепеняться, становиться более сдержанным, серьёзным. [Аҕам] онуоха эбии уола кэргэннэниэн баҕарар: "Дьиэлээх, кэргэннээх киһи сыһыйар", – диэн этэр
Сэттэ уонугар диэри сыһыйбатах, олох, дьахтар, ас, арыгы сыһыппатах киһитэ. Н. Босиков Арыл харах чыпчылыҥар Абылатар омун сааһым Олох тыйыс кыһатыгар Уһаарыллан сыһыйдым В. Миронов
3 туохтуур #
Баһыйтаран дохсурҕаабат, өрөлөспөт буол, уордайбыккын уҕарыт
Нууччалыы Умерить свой гнев, успокоиться, смягчиться
Хайдахтаах да уордаах тойон киниэхэ [Михейгэ] сыһыйар.
Н. ЛугиновДьэ ол эрээри эн да сыһыйыаҥ, оннооҕор буолуохтар сүрдэрэ-куттара тостон, бары айыыларын-буруйдарын билинэн, кэп туонан, кэмиринэн эрэллэр. Е. Неймохов Мөккүһэн кыайтарбыт баайдар, хаҥыл бэйэлэрэ сыһыйан, дьөлө соҥуоран олордулар. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Ср. каракалп. жууасы ‘становиться тихим, смирным, кротким, спокойным; присмиреть, становиться ручным’, туба кижи йажы ‘мучиться; быть ленивым’