Перевод с якутского
умуруор
туохтуур
Нууччалыы потушить
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Уот сиирин, умайарын тохтот
Нууччалыы Потушить (огонь)
Сөмүйэтин уһугунан саба баттаан уота кылайан көстөр табааҕын умуруорда. И. Гоголев Сорохтор бэрэбинэлэри уунан сабыта ыһан умуруораллар. Н. Якутскай Мин чаанньык уутун саба ыһан кулуһун уотун умуруордум Н. Габышев
Өссө холобурдар (3)
Уоту сап, араар (элэктэриичэстибэ уотун туһунан). Θ Гасить, выключать свет. Тымтык уотун умуруорда Ильич сырдык лаампата. Саха фольк Арбатскай, суһал соҕустук хомунан, үөрүйэх оҥостуммучча осциллограбын төҥкөс гынан көрөн ылаат, уотун умуруоран тахсан барбыта. В. Яковлев "Ваннаны сууй, тэлэбиисэри араар, уоту умуруор. Хас хардыыҥ ыйыы-кэрдии. Суох, мин ону тулуйбаппын!" – аргыстаһан иһэн хотугу кыыс кыҥкый-мыҥкый түһэрэр Чолбон
2 туохтуур #
Уҕарыт, суох оҥор, хам баттаа (туох эмэ санаа, иэйии туһунан)
Нууччалыы Преодолевать какое-л. чувство в себе, одерживать верх над чем-л
Дуоһуйуунан мин бэйэм Имэҥмин умуруоруом, Дуоһуйан, эмиэ кинини Хаттаан иитиэм!
Суорун ОмоллоонЭр бэрдэ буоллаххына Эн манна өс-саас төлөнүн умуруор, Иллээхтик-эйэлээхтик олорорго Бар дьоҥҥун үөрэт. И. Гоголев Валентина өйүн-санаатын толорон, кини эрин ахтарын умуруорара, аралдьытара. Г. Николаева (тылб.)
3 туохтуур #
Ханнык эмэ дьайыыны, хамсааһыны саба баттаа, тохтот
Нууччалыы Сдерживать, умерить проявление чего-л
Уордаах аҕа ууһугар Умсугуйбуттарын умуруораары, Оҥочо нуолур кутуруктааҕы Утааран иһэбин. Саха. фольк. "Остуол бэлэ-эм!" – Биһиги кэпсэтиибитин Мэхээс Иванов саҥата быһа түһэн, умуруоран кэбиһэр. В. Гаврильева Таҥара дьиэтэ научнай өй-санаа кыратык даҕаны кылам гыныытын саба охсон умуруоран иһэрэ АЕВ ОҮИ
4 этии #
Этиилэр
Буруотун умуруор көр буруо
[Кыһыл Ойуун:] Оруос Баай суон буруотун Умуруорар оҥоһуулаахпын.
П. ОйуунускайКиэҥ "Куҥкууда" хотун, аан дойду иччитэ, көрүҥ-истиҥ бу хара баттыгаһы! Мин буруобун умуруоралларын курдук, кинилэр да буруолара умулуннуннар. М. Доҕордуурап
Күлгүн булкуйуом көр күл II
Дьэ, мин сибилигин тиийдэрбин эрэ күлэ-күлэ күллэрин таптайыам, оонньуу-оонньуу уоттарын умуруоруом… Миигин кинилэр "өллүн" диэн өлүү уутугар ыыппыттара да мин син оттум – өлүөх киһи буолбатахпын. Ньургун Боотур. Уйаламмыт уоруккутун Уоттары умуруоруом, Күлэ-күлэ күллэри таптайыам, Күнтэн сүтэриэм, Күдэн көтүтүөм.
П. ОйуунускайБу туох аньыыбыт-харабыт иһин аал уоппутун умуруордулар, күлэ-күлэ күлбүтүн таптайдылар? С. Данилов
Уоппутун умуруорда уота умулунна диэн курдук көр умулун
Фашистар, баайдар ыал уотун умуруорарынан, тыыннааҕы өлөрөрүнэн дьарыктаналлар.
Суорун Омоллоон[Дьылыгыс Маайа ытамньыйар:] Соҕотох былырыын сайыҥҥа диэри син быр-бааччытык ыал буолан олорбуппут, ону кэрэх абааһыта буулуурун курдук, Баай Бакыыһа уоппутун умуруорда, бу айылаах оҥордо. Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
Иэримэ дьиэни дьиэгэнитэ, Аал уоту умуруора, Биир түүн халаахтаан кэлбитэ Фашист соллоҥноох суора. Баал Хабырыыс