ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэмэйдик

Нууччалыы скромно, сдержанно, непритязательно

Сиэр быһыытынан, көрсүөтүк (тутун, олор, сырыт)

Нууччалыы Скромно, сдержанно, непритязательно (держаться, жить, вести себя)

  • Кини оҕо эрдэҕиттэн бэйэтин холкутук, сэмэйдик тутта үөрэммит уонна сүрэхтээх, амарах майгылаах, туох эмэ үчүгэйи оҥорор, киһи билбэтэҕин билэр үрдүк дьулуурдаах буола улааппыт.
    А. Бэрияк
  • "Биһиги, айдаана суох, сэмэйдик туттан үлэлиирбитин таптыыбыт", - диэтэ оҕонньор.
    А. Фёдоров
  • Баҕарабын олус дарбыйбакка, Аат-суол да ылбакка, сэмэйдик, Уһуутуйан урут да барбакка Үлэлээ, олор үчүгэйдик!
    И. Эртюков
Өссө холобурдар (2)
  • Сэрэнэн, аргыый аҕай, кыбыста-кыбыста (хол., көр, саҥар). Θ Скромно, робко, застенчиво (напр., смотреть, говорить). Кэмчиэрэ ыйытар саҥабар Хоруйдаан биир тылы эппиккин Сөрүүҥҥэ, сииктээх түүн үөһүгэр Сэмэйдик сиэттиһэн испиккин.
    С. Данилов
  • Кыбыста-кыбыста, сэмэйдик саҥарда: "Уйбаныап, ити үлэлиэх ат таах хаалаары гынна". Дьүөгэ Ааныстыырап. "Мин барар сирим ыраах, онон сир ыла турдахпына сатанар", - диибин сэмэйдик
    Н. Заболоцкай

«С» буукуба