ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сэтэр

туохтуур

Нууччалыы усиливаться, крепчать

1 туохтуур #

Эбии күүһүр (хол., айылҕаҕа, тулалыыр эйгэҕэ буолар уларыйыыны этэргэ)

Нууччалыы Усиливаться, крепчать (напр., о смене погодных условий или о чём-л., происходящем вокруг)

  • Дьиэ иһэ им-ньим, тыас, саҥа хантан да иһиллибэт, арай күһүҥҥү тыал сэтэрбит.
    А. Софронов
  • Сарсыарда эрдэттэн харааннаан, бырдаҕа эбии сэтэрбитэ.
    Н. Заболоцкай
  • Ол эрээри ытыалаһыы икки өттүттэн эбии сэтэрэн испитэ
    А. Сыромятникова

2 туохтуур #

Өссө улаат, бэргээ (хол., ыарыыны этэргэ)

Нууччалыы Усиливаться, прогрессировать (напр., о болезни)

  • Ыарыыта уҕарыйыах быһыыта биллибэтэ, хата эбии сэтэрэн истэ. Софр. Данилов. Оттон билигин ыарыы сэтэрэн турда, кыра дьаһал аайыга кыайтарбат кутталланна.
    Г. Нынныров
  • Эмтээх үүнээйи киһи-сүөһү уорганын араас ыарыылартан харыстыыр, ыарыы көбөрүн уонна сэтэрэрин харгыстыыр дьоҕурдаах
    МАА ССЭҮү

3 туохтуур #

Өссө күүркэйэн, күүһүрэн биэр

Нууччалыы Раззадориваться, становиться ещё задорнее

  • Араатар үөһэ араатар кэҕийдэ, ол ахсын мөккүөр эбии сэтэрэн истэ. Софр. Данилов. Дьүкээбил [киһи аата] тоҥнум диэн тохтообот, тымныы диэн чаҕыйбат, хата сэтэрэн туран иннин диэки барар.
    Н. Якутскай
  • [Катя] көннөрү ханна баҕарар сылдьан бэйэтиттэн бэйэтэ сэтэрэн, иитиллэн, кудуга тахсыар диэри ыллаан дьалыһыппытынан сылдьар буолара. ЕА Н
    Т. Ср
  • монг. сэдрэх ‘осложняться, воспаляться (о ранах); иметь рецидив, заболевать вторично’, бур. һэтэр ‘открыться; раскалывать’

«С» буукуба