ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тэбиэһин

туохтуур

Нууччалыы вспылить, разгневаться от незначительного. [Кыыс Кыскыйдаан:] Үрүҥчэй субалаах Үтүөкэн барахсан Үөскээтэ диэхтээннэр, Ороммор уордайан Охсуһар буолбутум, Тэллэхпэр тэһииккээн, Тэһийэн сыппакка Тэбиэстэр буолбутум

1 туохтуур #

Кыраттан кыыһыр, тымытын

Нууччалыы Вспылить, разгневаться от незначительного. [Кыыс Кыскыйдаан:] Үрүҥчэй субалаах Үтүөкэн барахсан Үөскээтэ диэхтээннэр, Ороммор уордайан Охсуһар буолбутум, Тэллэхпэр тэһииккээн, Тэһийэн сыппакка Тэбиэстэр буолбутум

  • Тимэх саҕа бэйэтэ Тэргэн курдук эһиннэ, Дэлби барда, тэбиэһиннэ, Көрдөһүүлээх эрэйдээҕи Көбдьүөрүйэ көбүөлээн, Көрүдүөргэ көҥүл үүрдэ.
    Күннүк Уурастыырап
  • Пётр Ильич, уокка арыыны куппуттуу, тэбиэстэн турбута
    Р. Баҕатаайыскай

2 туохтуур #

ан эмэ эр ылан, эрдийэн эбии сэтэрэн, күүһүрэн биэр (хол., ырыа)

Нууччалыы Усиливаться, раззадориваться (напр., пение)

  • Хайҕалтан быыппаста тэбиэстэн, Харса суох барыма, Сирииттэн сүөм түһэн, Сэнэнэ санаама.
    Күннүк Уурастыырап
  • Дьикти отуу иһиттэн Дьиэрэйэр кыыс ырыата, Гитараттан тэбиэстэн, Кылыһахтаан ыраатар.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Таас биэрэгин сынньа, ууруу, Индигир устан дьэргэйэр. Киэҥ үөһэ, эмньик кулуннуу Тыалтан тэбиэстэн, өрө түллэр
    Н. Босиков

«Т» буукуба