ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сээкэй

аат тыл

Нууччалыы всякая мелочь, вещи, барахло

Ис хоһооно · 4

1 аат тыл #

, кэпс

  • Айаннаан кэлбит киһи быһыытынан сээкэйин бэрийэ турдаҕына дьукааҕа киирэн кэлэр.
    У. Нуолур
  • Күөрэгэй манньыаттарын уонна сээкэйин барытын бобо кэлгинэн, икки өттүнэн быалаах туос тымтайга уган сүкпүтүнэн баран истэ.
    Т. Сметанин
  • Ньургууна ураһа улаҕатын диэки баран сээкэйи хомуйталаата уонна ыһыырынньык уматынна
    А. Сыромятникова

2 аат тыл #

Ол-бу араас бытархай, буолар-буолбат мал-сал

Нууччалыы Всякая мелочь, вещи, барахло

3 аат тыл #

Ол-бу араас сонун, кэпсээн

Нууччалыы Всякая всячина, то и сё

  • Киһилээх-сүөһүлээх киин сиртэн кэлбит дьон буолуоххут, сээкэйдэ сэһэргээн, сэргэхситэн ааһыҥ.
    Болот Боотур
  • Сэрбэкэ кинээс киэһэ сээкэйи ыаһахтаһан баран, уолунаан атахтаһан утуйан хаалтара. Дьүөгэ Ааныстыырап. Аа-дьуо сээкэйи кэпсэтэ, дойдубут сааскы салгынынан тыына, сатыы айанныахха диэтим.
    КНЗ ОО

4 аат тыл #

Киһи этин-сиинин (хол., илиитин-атаҕын) этэргэ: киһи туга эмэ (тард. сыһыар-х тут-лар)

Нууччалыы О теле (напр., о руках, ногах) человека: что-л. у человека (употр. в притяж. ф.)

  • Мин кус эрэйдээҕи бултаһарга буолбакка, быыһыыр санааҕа киирэбин, хайдах быыһыах баҕайыный, сээкэйин эчэппэтэҕэ буолуо дуо.
    И. Сосин
  • Оҕо оонньуура оҕо сээкэйин өлөрбөтүн курдук, уһуга-кырыыта суох буолуохтаах. Дьиэ к

«С» буукуба