ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сээн

аат тыл

Нууччалыы небольшой поток воды, отходящий от русла реки, речки. [Көстөө] ыраах сээннэргэ, алыыларга, таалаларга иитэлээбит паастарын, буурҕаттан мэһэйдэтэн өр кэм устатыгар көрбөккө сылдьан баран кэрийбитэ, байанайа улаханнык үөртэ

I

1 аат тыл #

Өрүстэн, үрэхтэн туора сүүрүгүрэн тахсар уу, өрүс, үрэх тардыыта

Нууччалыы Небольшой поток воды, отходящий от русла реки, речки. [Көстөө] ыраах сээннэргэ, алыыларга, таалаларга иитэлээбит паастарын, буурҕаттан мэһэйдэтэн өр кэм устатыгар көрбөккө сылдьан баран кэрийбитэ, байанайа улаханнык үөртэ

  • Уолаттар булгунньаҕы аастылар, иннилэригэр синньигэс сээн, төгүрүк күөл көһүннүлэр.
    Н. Габышев
  • Күһүн систэртэн сээннэр уулара тоҕо анньан киирдэхтэринэ килиэ-халаа буола кэҥиир күөлгэ чуо тиийбиттэрэ.
    Е. Неймохов
  • Ср. эвенк. сээн ‘протока, курья (из озера в реку), ручей, заросший травой’, коми сэн ‘ложбина, лощина’
II

2 #

саҥа алл. Оҕону таптаан ымманыйан ылыыны көрдөрөр

Нууччалыы Выражает чувство умиления, сожаления по отношению к ребёнку. [Мэник Мэнигийээн:] "Сээн, бу таҥастара суох буолан мин саҕынньахпыттан көрдүүллэр ээ", диир

  • Сээн, оҕокком сыыһа, ама да биһиэхэ куһуок саахар баҕалааҕын иһин, саҥардаҕа баҕас сүрүккэтэ…
    Н. Заболоцкай
  • Кэлбит дьон тохтоотулар, оттон тугу эрэ ботур-ботур кэпсэттилэр, дьахтар куолаһа "сээн, барахсаммын" диир
    ХС

3 этии #

Нууччалыы Превозносить кого-л

  • "Сээн" диэ – кими эмэ олус өрө тут Дьон көнөтүнэн сылдьар киһини атарахсыта санаабат, оттон олдьу-солдьу үктээтэххинэ "сээн" диэччилэрэ суох.
    С. Федотов
  • "Сээн" дэтэн – кимиэхэ эмэ хайҕатар, атаахтыыр курдук. Θ Получая чью-л. похвалу, чье-л. ласковое, доброе отношение. [Хаалдьыт:] Кырдьыга даҕаны, санаам көнө буолан, эһиги курдук кырдьаҕастарга "сээн" дэтэн сырыттаҕым дии.
    А. Софронов
  • Үлэбитигэр хайҕаттахпытына, үөрэхпитигэр "сээн" дэттэхпитинэ, аҕабыт бэйэтин хайҕаабыттарыныы үөрэрэ. Багдарыын Сүлбэ

«С» буукуба