ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүдү

даҕааһын, сыһыат

Нууччалыы выдающийся, почтенный, великий

Ис хоһооно · 4

1 даҕааһын #

Атыттартан уһулуччу уратылаах, ытыктанар, улуу

Нууччалыы Выдающийся, почтенный, великий

  • Сүдү айыылар [Кырасыабай кыыска] Сүр-кут угалларыгар Сүрдээх сүпсүктээх Дьүүлү түһэрбиттэр.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Сүллүкү ол киэһэ, сүдү ойуун буоларын умнан, тыллаах-өстөөх, сайаҕас кыыс дьахтары кытта хойукка диэри быһа эйэргэһэн, найааннаһан тахсыбыта.
    Болот Боотур
  • Илиҥҥи дойду улуу муударай оҕонньотторо, атын да омуктар сүдү бөлөһүөктэрэ сибэккини олус таптыыллара
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (3)
  • Уһулуччу суолталаах, дьоһуннаах. Значительный, важный. Мин дойдум киэҥ кэскилин Көрөр сүдү мунньахха, Ыйар улуу былааҥҥа Сахам сирин Барҕа баайын Хайҕаан, сөҕөн кэпсээтилэр.
    П. Тобуруокап
  • "Дьыала хайдаҕа биллэр", – Серёжа сүдү кистэлэҥи өйдөөбүт киһилии көрөн кэбиһэр.
    Н. Лугинов
  • Билигин аны субу да сис үөһүттэн оруу тардан таһааран, кинини [Иҥнэри Дьарааһыны] сүдү дьүүлүнэн дьүүллүүр кутталлара суоһаабыт
    Д. Таас

2 даҕааһын #

Тас көрүҥүнэн, кээмэйинэн, кыаҕынан олус улахан, сүүнэ

Нууччалыы Очень большой по размерам, силе, громадный

  • Сабачча сааспар тиийиэхпэр диэри Саманнык сүдүрүүннээх Сүдү бухатыырга түбэһэ иликпин. Ньургун Боотур. Хас да айахтаах сүдү ампаар олбуор аҥаар эркинин бүтүннүү ньолбоһуйбут.
    Амма Аччыгыйа
  • Аллара сытар сүдү күүс эмиэ түллэс гынан кэбистэ да, халыҥ муустар, хастыы да сиринэн хайыта баран, тула холоруктаатылар
    П. Филиппов
  • Олус күүстээх, дириҥ (иэйии туһунан этэргэ). Θ Очень сильный, глубокий (о чувствах). Эрбэһин бугул саҕа балаҕан иһигэр бу киэһэ сүдү үөрүү буолбутун кэбиһиилээх от саҕа балаҕантан кистээтилэр.
    Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (2)
  • Дууһабынан биллим дуолан аһыыны, Сүдү кутурҕаны сүрэхпинэн биллим.
    И. Гоголев
  • Сүрэҕи тымныынан хаарыйар Сүдү кутурҕан да ааһар
    Айталын

3 даҕааһын #

Олус дьоһун, түспэ; ыар

Нууччалыы Величавый, степенный; тяжёлый

  • Кинилэр диэтэх дьон Кэллэллэр эрэ: Ыар тыыннарын, Сүдү сүрдэрин, Албас санааларын -- Уйарбыт аата суох.
    Өксөкүлээх Өлөксөй
  • Утары көрдөрбөт сүдү киэптээх улуу дьаалылар улахамсыйбыттыы, сэниирдии үөһэттэн аллара көрөн сөҥүдүһэн олороллор.
    Далан
  • Үйэ-саас тухары нөрүйэ нуктаан турбут бу ытык хайалар, сүдү сис тыалар сотору айманан туруохтара
    В. Яковлев

4 сыһыат #

суолт. – олус диэн курдук. Элбэхтэр да эбит эҥин араас, сүүтүк саҕа кыра буолан баран, сүдү тулуурдаахтар. Амма Аччыгыйа

«С» буукуба