Перевод с якутского
сүктэр
Нууччалыы навязывать что-л. кому-л.; взваливать на кого-л. что-л. [Чымаарап:] Бу кэлэр бырааһынньык дакылаатын миэхэ сүктэрэн өлөрдүлэр буолбат дуо?
1 #
Кимиэхэ эмэ тугу эмэ гынары соҥноо; оҥороругар күүс өттүнэн күһэй
Нууччалыы Навязывать что-л. кому-л.; взваливать на кого-л. что-л. [Чымаарап:] Бу кэлэр бырааһынньык дакылаатын миэхэ сүктэрэн өлөрдүлэр буолбат дуо?
сүк диэнтэн дьаһ. туһ. [Ойуунускай] хонук сиргэ төннөргө үксүгэр саатын атын киһиэхэ сүктэрэр уонна тайахтанан, ортобутугар сэһэргэһэн эҥээрийэ иһэр. Амма Аччыгыйа Убайа туутун көрөн баран, балыгын уолугар сүктэрэн, дьиэтигэр ыыппыт, оттон бэйэтэ илимнии хаалбыт.
Суорун ОмоллоонБу икки эдэр киһи хайы-сахха тэриммит, бэлэм маллаахтарын сүгэллэр, Сүөдэргэ эмиэ сүгэһэр сүктэрэллэр. Н. Якутскай
Өссө холобурдар (2)
Үспүйүөннэри тутар операцияны застава начаалынньыгын эбээһинэһин толорооччуга сүктэрбиттэрэ. Н. Якутскай Саамай ыарахан үлэлэри толорууну кулуттарга сүктэрэннэр, Афины көҥүл эр дьонноро бириэмэлэрин үксүн куораты тутууга атаараллара КФП БАаДИ
2 #
Кимиэхэ, туохха эмэ түһэр, көлбөрүй (хол., буруйу, эппиэтинэһи)
Нууччалыы Перекладывать, сваливать на кого-что-л. (напр., вину, ответственность)
Буруйу атын киһиэхэ сүктэр. Кыра да былыт таҕыстар ардаҕы тарда турар хаардаах хайаҕа бары буруйу сүктэрэллэрэ Н. Заболоцкай
3 этии #
Нууччалыы Девушка, вступающая в брак, невеста Сүктэр кыыс кэннин хайыһан көрбөт ыйаахтааҕар дылы (өс хоһ.)
Этиилэр
Сүктэр кыыс
кэргэн тахсан, саҥа ыал буолар кыыс Ити аны саас эргэ сүктэр кыыс.
Хас сүктэр кыыс атын тэрилин ойуута-бичигэ ис хоһоонунан, суолтатынан биир сыаллаах-соруктаах да буоллар, уустар дьоҕурдарыттан, туттубут матырыйаалларыттан эмиэ тутулуктаах. КДь А. Ср алт. дьүкте ‘нагрузить, навалить, навьючить’