Перевод с якутского
сүүнэ
даҕааһын
Нууччалыы большой, огромный
Ис хоһооно · 5
1 даҕааһын #
даҕ
Куруҥ ойуурга үүммүт талах ортотугар сүүнэ буур тайах турар эбит. Н. Якутскай Арҕаа күөх тумарыгы бүрүммүт мыраанынан иилэнэн, улуу Туймаада биир сүүнэ алаастыы көҕөрүмтүйэ налыйа сытар.
Н. ЛугиновСайылык иһигэр сүүнэ титиик, хас да ааннаах уһун субурҕа саҥа, улахан дьиэ киһи хараҕар чуо быраҕыллаллар С. Никифоров
2 даҕааһын #
Кээмэйинэн, быһыытынан олус улахан
Нууччалыы Огромный, большой (по размеру, величине)
3 даҕааһын #
Улахан далааһыннаах, олус суолталаах, дьайыылаах
Нууччалыы Огромный по значимости, размаху
Сүүнэ эппиэттээх байыаннай сорудахтары икки төгүл толорон турар. Амма Аччыгыйа Онон, дьэ, сүүнэ мунньах буолаары турар. А. Софронов Дойду иннигэр дьэ кырдьык, сүүнэ соруктар тураллар Кыым
4 даҕааһын #
Кимиэхэ-туохха да тэҥэ суох, уһулуччулаах
Нууччалыы Незаурядный, выдающийся
Араас ааттаах ырыаһыттар, олоҥхоһуттар, сүүнэ үлэһиттэр, ньургун булчуттар, – былыр өлбүттэр, билигин тыыннаахтар. Амма Аччыгыйа Кини [Ойуунускай] өйдүүр өйүнэн, сүрэҕин тэбиитин күүһүнэн, талаана үрдүгүнэн, айымньыта сүдүтүнэн – сүүнэ улахан киһи
Суорун Омоллоон
5 даҕааһын #
Улаата охсубут, улахан киһи буолбут (хол., оҕону улааппытын бэлиэтээн таптаан этэргэ)
Нууччалыы Заметно выросший (о ребёнке)
Аргыылаптар оҕолоро үс сааһыгар дьонун кытта додо курдук сэһэргэһэр, сүүнэ киһи буола оҕуста. И. Никифоров Сэттэтигэр сылдьар сүүнэ сиэннээхпин, батыһыннара сылдьан сүөһүлэрбин бостууктаан аһатыам. "Кыым". "Сүүнэ дьоннордоох эбиккин!" – диэтэ оҕонньор, тэбис-тэҥ уҥуохтаах моторуспут уолаттары көрө олорон.
И. ТургеневТэҥн. сүндэ, сүҥкэн. Ср. алт., куманд. сүне, хак. сүнэ ‘душа человека, выходящая в момент смерти и остающаяся некоторое время около умершего в виде ветра, воздуха, пара’