Перевод с якутского
сүүс
ахсаан, аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы лоб.
English hundred
Ис хоһооно · 8
1 аат тыл #
Төбө уҥуоҕун сирэй өттүн үөһээ чааһа
Нууччалыы Лоб. Икки кыыс утарыта нөрүһэн, сүүстэриттэн өйөнсөн олороллор. Амма Аччыгыйа. Мин уун-утары киирэн, сүүһүн тобулу ытарга былааннанан, биир суон тиити күлүктэнэн, эһэ диэки кимэн киирэн истим. Суорун Омоллоон. Кини будьурхай баттаҕын өрө анньынан, үрдүк мырчыстыбыт сүүһүн көлөһүнүн ытыһынан соттон кэбистэ. Эрилик Эристиин
2 этии #
Нууччалыы соотв. как обухом по голове
Этиилэр
Сүүскэ бэрдэрбит курдук
эмискэ, соһуччу "Ыл иһит, уонна эн кинилэри хойутата сырыт!" – диэн баран, дьиэлээх киһи сүүскэ бэрдэрбит курдук дөйөн олорор. Н. Заболоцкай. Тыл этээччи уутугар-хаарыгар киирэн этэн иһэн сүүскэ бэрдэрбит курдук тохтоон хаалла. "ХС". Сүүс сүүстэриттэн өйөһөн фольк. – бары өттүнэн көмөлөсүһэн, өйдөһөн, өйөһөн-убаһан.
Поддерживая, помогая друг другу во всём.
Оҕонньордоох эмээхсин сүүс сүүстэриттэн өйөһөн уһун дьоллоох олоҕу олорбуттара. Кавказ муударай кырдьаҕаһа уонна кыра аайы уолуйбат бөҕө-таҕа эр бэрдэ сүүс-сүүстэриттэн өйөһөн -- толкуй бөҕөҕө түһэн олорбуттара. В. Гаврильева
Өссө холобурдар (1)
Үс түүннээх күнү мэлдьи Үтүө-мааны дьонноро Сүүс-сүүстэриттэн өйөһөн Сүбэлэһэн-сүбэлэһэн, Сүдү уураах уурдулар. И. Чаҕылҕан
Сүүһүгэр күннээх да буоллун
улахан өйдөөх да буоллун.
соотв. будь он семи пядей во лбу.
Сүүһүгэр күннээх да буоллун, сокуон иннигэр дьоннор бары тэҥнэр. ХС
Сүүһүгэр суруллубатах
кини туох киһи буоларын мин билбэппин.
На лбу не написано.
Ол туһунан сүүһүгэр суруллубатах. Сүүһүн көлөһүнүн уллуҥаҕар (тобугар), уллуҥаҕын (тобугун) көлөһүнүн сүүһүгэр аҕаан көр аҕаа. Сааһын тухары сүүһүн көлөһүнүн уллуҥаҕар аҕаан, уллуҥаҕын көлөһүнүн сүүһүгэр аҕаан үөскээн олорор саха урааҥхай саас кэлбитигэр көҥүл баран, үөрэр-көтөр үгэстээх. Н. Неустроев Биир Үөксүкү үөн курдук үллэ уойарыгар, хаһата хаҥыырыгар сүүс Айаал кулут буолаллар, тобуктарын көлөһүнүн сүүстэригэр аҕыыллар, сүүстэрин көлөһүнүн тобуктарыгар аҕыыллар.
Суорун Омоллоон
Сүүһүҥ аннынан көр (одуулаа) – өһүөннээхтик, кыыһырбыттык көр
Смотреть исподлобья угрюмо, озлобленно.
Сүөдэр атыыһыт сүүһүн аннынан Дьиэлээх эмээхсини Дьэбиннээҕинэн супту көрдө. С. Васильев Арбатскай сүүһүн аннынан тымныытык библиотекарын одуулаамахтаабыта. В. Яковлев
Өссө холобурдар (1)
"Билигин эһиги ханна бааргытын билэҕит дуо?" – Кузьмин кыргыттар диэки сүүһүн аннынан көрүтэлээбитэ. "ХС"
3 этии #
Нууччалыы Забивать (скот – букв. дать в лоб). [Ынаҕа] кини диэки өрө мылах гынан одуулуу турдаҕына, уол сүүскэ биэрэн түһэрдэ
Этиилэр
Сүүскэ биэр (оҕус)
сүөһүнү идэһэ гынан сииргэ өлөр Суорун Омоллоон.
Хара бэкир киһи тыһаҕаһы сүүскэ биэрдэ. Р. Баҕатаайыскай Ср. ДТС, тюрк. йүз, йөз, дьүс ‘лицо, лик, поверхность’
4 #
төһө ахс. аат
Оҕонньор Чүөчээскиттэн оруобуна сүүс эрэ сылынан аҕа.
Суорун ОмоллоонБулчут үксэ икки-үс сүүс хапкааны ыттарын туркутугар тиэйэ сылдьан бултуур. Н. Якутскай Мааҕын сыппыт сирбититтэн сүүс миэтэрэ ааһа бардыбыт Т. Сметанин
5 #
100 сыыппараны, чыыһыланы, ахсааны бэлиэтиир тыл
Нууччалыы Слово, обозначающее число, количество, цифру 100
6 этии #
Нууччалыы Изрядно измучившись, после долгих мучений
мөһөөх I диэн курдук. Өр буолбата, үс сүүһүн үрдүгэр солкуобайы өрө аахтарда. А. Софронов Дьөгүөрдээн биэс сүүскэ хараҥаттан хараҥаҕа диэри таһырдьа үлэлиир. Амма Аччыгыйа Хата, бу баҕайы кэлин өттүбэр хаалбыт элбэх оҕолоох убайбын санаан, сылын аайы сүүрбэлии-отуттуу сүүһү итэҕэл дьоннорунан ыыта турбутум. Эрилик Эристиин
Этиилэр
Сүүс муҥунан
улаханнык эрэйдэнэн, элбэх сору-эрэйи көрөн Былааннаабыт үлэтин сүүс муҥунан бүтэрдэ.
Сүүс сааһын быһа сиэбит көр саас I
Оҕонньор сүүс сааһын быһа сиэбит кырдьаҕас.
Сүүстэн биири талбыт курдук
наһаа табыллан, олус үчүгэйдик.
Очень удачно, крайне успешно.
– Хайа, дьэ, Борокуоппай төһө бэркэ сылдьан кэллигит?
Истиэҕи тоҕо-хоро сэһэргээн кэбис,
диэтим.
– Оо, дьэ, доҕор сылдьыы ааттаах, сүүстэн биири талбыт курдук, – диэтэ. "Кыым"
7 этии #
Нууччалыы Стоклеточные шашки. [Матрёна Ноговицына] саха дьахталларыттан сүүс харахтаах дуобакка аан бастакынан норуоттар икки ардыларынааҕы грессмейстер аатын ылла
Этиилэр
Сүүс харахтаах дуобат
аан дойдуга киэҥник тэнийбит дуобат оонньуута "Саха с.
". Ср. ДТС, тюрк. йүз, йөз, дьүс
8 аат тыл #
, эргэр. Дь аат
Нууччалыы Яд. [Уолака:] Ол гынан баран, бэйэ эрэ, аны сүүстээҕи аһаан, эмэн кэлбит тылгынан салаан дьэ эбии мэлитээйэҕин
Сүүс харахха кутталлаах буолуо суоҕа дуо?
Суорун ОмоллоонТэҥн. сүлүһүн. Ср. монг. сүйд ‘беда, несчастье; катастрофа; вред, ущерб’