ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүһүр

туохтуур

Нууччалыы покраснеть, опухнуть (напр., от яда, разных болезней, ушибов – о коже человека, животного, внутренних органах).

1 туохтуур #

ан эмэ (хол., дьааттан, араас ыарыыттан, эчэйииттэн) кытаран, иһэн таҕыс (киһи, сүөһү этин, тириитин, хайа эмэ уорганын туһунан)

Нууччалыы Покраснеть, опухнуть (напр., от яда, разных болезней, ушибов – о коже человека, животного, внутренних органах). 1938 сыллаахха, гражданскай сэрии саҕана [Эрилик Эристиин] хараҕын дэҥнэппитэ сүһүрэн, икки хараҕынан көрбөт буолбута

  • Аҕата кыайыы кэнниттэн биэс эрэ сыл уһаабыта, баастара сүһүрэн өлбүтэ. СЮ ЫБ. Кыыл оҕолорун эмнэрэр кэмигэр аһылыгар туус наһаа элбэх буоллаҕына, организма сүһүрэр. КИиКСА. Рожа – тирии сүһүрэр, иһэр ыарыыта. Бу ыарыыны микроб тарҕатар, сыстыганнаах ыарыы
    ДьСИи

2 туохтуур #

Туох эмэ дьааттааҕы, доруобуйаҕа буортулааҕы сиэн мөлтөө, ыарый, өл

Нууччалыы Съев что-л. ядовитое, опасное для здоровья заболеть или умереть, отравиться

  • Сиэммэт, дьааттаах тэллэйдэр эмиэ баар буолаллар. Кинилэр аһылыкка түбэстэхтэринэ, киһи сүһүрүөн сөп. КЗА АҮө. Арыгыны күн ахсын, бэл диэтэр нэдиэлэ хайа эмэ күнүгэр эрэ иһэр да киһи мэйиитэ арыгы дьаатыттан мэлдьи сүһүрэр
    ЛЛА АКДС

3 туохтуур #

Өссө дириҥээн, түгэхтэнэн ис (хол., дьон бэйэ-бэйэлэригэр сыһыана, араас иирсээн)

Нууччалыы Усуглубляться, осложняться (напр., о конфликте)

  • "Мин манна хааллахпына биһиги иирсээммит өссө ордук сүһүрүөҕэ", – диэн хоруйдуур кыыс уолга.
    ХС
  • Ср. монг. сүйд ‘беда, несчастье; катастрофа; вред, ущерб’

«С» буукуба