ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

сүөкэн

туохтуур

Нууччалыы достигнув места назначения, выгружаться, высаживаться откуда-л.

1 туохтуур #

Тиийиэхтээх сиргэр айаннаан кэлэн туох эмэ иһиттэн түс, тахсан кэл (хол., массыынаттан, пуойастан, суудунаттан о. д. а.)

Нууччалыы Достигнув места назначения, выгружаться, высаживаться откуда-л. (напр., из машины, поезда, судна и т. п.)

  • сүөкээ диэнтэн атын. туһ. Бөлөнөхтөөх иһит сүөкэннэ.
  • Сүллүкү ойуун сэттэ уонча сыл олорбут уһун олоҕуттан ахтара-саныыра итинэн бүтэн, сүөкэммит эргэ тымтайдыы кураанахсыйан, субу хар гыныах курдук курдургуу-хардыргыы сытта.
    Болот Боотур
  • Тууттан сүөкэммит эмис собо курдук оппоҥнуурун билиҥҥэ диэри өйдүүбүн.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (4)
  • Ийэттэн сибилигин аҕай сүөкэммит кып-кыһыл лабычааннаах лэчигирэс соболор мууска кутуруктарынан охсуоланан өрүтэ тэйиэккэлии сыппыттар. А. Бэрияк
  • Бэл мин, саха оҕонньоро, ол муора түгэҕиттэн босхо аһаан-таҥнан, айаннаан, дойдубар дьаамынан кэлэн, манна сүөкэнним.
    Суорун Омоллоон
  • Ити курдук балтараа көс сири бэрт өр айаннаан, тиийиэхтээх сирбит биэрэгэр тиксэн сүөкэннибит.
    ХС
  • Перстэр сэриилэрэ, харааптарга олорон, Эгей муоратын туораан, Марафон дэхси сиригэр тиийэн сүөкэммитэ
    КФП БааДИ

2 туохтуур #

Тахсан киир, көҕүрэтин

Нууччалыы Справлять естественную надобность, опорожняться

  • Ити аҕыйах бугул оту эспэхтээн биэрэн бараҥҥын, сүөкэнэр буоллаххына, сүөкэнээр!
    Амма Аччыгыйа
  • "Кырдьык да, бу тугун кыһыытай, муҥ саатар тахсан сүөкэнэ түһэн, салгыны эҕирийэн киирэр баҕалаах", – дии-дии Борька уутун кытта охсуһа сатаан баран тура эккириир
    Н. Заболоцкай

3 туохтуур #

Үпкүн-харчыгын олоччу бараан тураҥҥын тугу эмэ атыылас

Нууччалыы Растратить последние сбережения на что-л

  • Буулдьа суоҕа куһаҕаныан. Хаһан да дэлэйбэт буоллаҕа. Биирдэ эмэтэ атыыһыттартан сүөкэнэн туран булбуту кэмчилээн муҥ бөҕө
    П. Ламутскай

«С» буукуба