Перевод с якутского
сүөкээ
туохтуур
Нууччалыы выливать, высыпать что-л. из чего-л.; опорожнять что-л
1 туохтуур #
Тугу эмэ иҥнэри эбэтэр таҥнары тутан иһигэр баарын тох
Нууччалыы Выливать, высыпать что-л. из чего-л.; опорожнять что-л
Солуурдаах ууну сүөкээ. Дайыыла оҕону тобугун үрдүгэр умса сытыаран, айаҕынан уутун сүөкээбит.
Суорун Омоллоон[Силиппиэн] хомус быыһыгар сытар эргэ мас тыы уутун сүөкээн, иһирдьэ устан киирдэ. С. Данилов
Өссө холобурдар (1)
Иитээччи оонньуурдаах мөһөөччүгү аҕалан остуолга сүөкүүр, көрдөрөр уонна төттөрү мөһөөччүккэ хаалыыр ОСБОо
2 туохтуур #
ан эмэ (хол., массыынаттан, сыарҕаттан) таһаҕаһы түһэр, тас
Нууччалыы Выгружать что-л. откуда-л. (напр., из машины, с саней), разгружать что-л
Уйбаан маһын олбуор ортотугар сүөкээн баран, эмиэ дьиэҕэ киирэр. Саха ост. I. Кини төһө да тоҥнор, отун киэҥ кыбыыга өр астаһан сүөкээтэ. А. Фёдоров Күөл кытыытыгар эр дьон уһун ньолбуһах тыылартан чыыры сүөкүүллэр, балыктыыр тэриллэрин бэрийэллэр. С. Курилов (тылб.)
3 этии #
Нууччалыы Рассказать кому-л. что-л. (напр., новости) на одном дыхании, выложить всё без остатка
Этиилэр
Тоҕо сүөкээ
туох бааргын барытын (хол.
, сонуну) биир тыынынан кэпсээн кэбис Кинилэр [оҕолор] дьааһылаҕа тугу гыммыттарын, туох сонуну билбиттэрин – барытын кэлээт, эбэлэригэр тоҕо сүөкүүллэрэ. Далан Иван Иванович, туох толкуйдаахпын тоҕо сүөкүөм этэ даҕаны, айбытым уус тылынан хатаҕалаабатах. Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
[Сиэмминээн] ахтыспыппыт сүрдээх, онон сонуммутун хайа хайабыт тоҕо сүөкүүр баҕалаах. Багдарыын Сүлбэ. Ср. ДТС йүк ‘вьюк’+-ээ (аффикс отымённых глаголов)