Перевод с якутского
сөкү
аат тыл
Нууччалыы вейник.
1 аат тыл #
Уулаах, дулҕалаах сиргэ үүнэр дороххой умнастаах туораахтаах от
Нууччалыы Вейник. Дьөгүөрдээннээх "Эндэҥҥэ" тахсаннар хагдарыйбыт сөкүнү, кур лаҥханы оттоон киирдилэр. Амма Аччыгыйа. Кустар үрдүк олоҥ, сөкү мэһэйдээн, биһиэхэ көстүбэттэр. Далан. Кумах сиргэ үөскээбит күөллэр оннуларыгар куурбут алаастарга үксүн сөкү, кылыс оттор үүнэллэр, сирэ дулҕаланар. ПАЕ ОС
2 аат тыл #
Итинник оттоох уулаах, дулҕалаах сир
Нууччалыы Влажная, кочковатая местность, поросшая вейником
Намыһах хаптаҕай кытыылардаах сөкү бадараан сирдэр ааспыттара быданнаабыта. ДаланКиниэхэ Абаҕа дэриэбинэтиттэн алта көстөөх сиргэ, Амма уҥуор инньэ Нуотара үрэҕин дулҕалаах сөкүтүн туттарбыта. Н. Якутскай Биһиги уҥуоргу сөкү уутун түһэрэн, тамалҕанын солоон иһэбит. А. Фёдоров Ср. монг. сөг өлөн ‘вейник’, осм. сөкү ‘кохта (трава)’