ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таала

аат тыл

Нууччалыы равнина с твёрдой сухой поверхностью

1 аат тыл #

Кытаанах сирдээх кураанах дэхси киэҥ хонуу

Нууччалыы Равнина с твёрдой сухой поверхностью

  • Таала хонууга икки таҥара булгунньахтара үүммүттэр үһү (тааб: дьахтар эмиийдэрэ). Таатта хонуутуттан ордук Талбаархай таала мааны хонуулаах Үрэх баарын Өйдөөн-дьүүллээн көрбөтөҕүм.
    Саха фольк
  • Табалар бөлөх-бөлөх үөрдүһэн тулалыы хайа хайыҥнаах тааланы биир гына тарҕанан нус-хас аһыы сылдьаллар. А. Кривошапкин (тылб.)

2 аат тыл #

Күөл, үрэх суулла турар эмпэрэ сыыра, хайа быара

Нууччалыы Крутой обрывистый берег озера, речки, склон горы

  • Уоллаах кыыс ханна да барар сирдэрэ суох буолан ыксаан, өрүһү өҥөйөн турар биир таала үрдүгэр тахсаллар.
    Далан
  • Хаҥас өттүбүтүттэн харааран олорор тааланы аттынан быһа охсон ааһан ыттар сыыры таҥнары көтүөлээн күөдэллэһэн киирдилэр.
    Н. Заболоцкай
  • Күөл хотугу өттө быстар хара сыыр, бу дойдуну [хотугулуу] - таала дииллэр, оттон соҕуруу өттө намыһах, сырыынньа.
    Н. Габышев
Өссө холобурдар (1)
  • Үрэхтэр, өрүстэр сүүрүктэрэ охсон эбэтэр муора долгуна суурайан, айа чаачарын курдук кэдэрийбит үрдүк сыырдары хоту оройуоннар олохтоохторо таалалар диэн ааттыыллар
    ГКН МҮАа

3 этии #

Нууччалыы Селезёночник

  • Таал от аат., бот. – өрүстэр, үрэхтэр сииктээх, бадарааннаах кытылларыгар, күлүктээх дириҥ аппаларга, бытархай таастар, сиҥнибит хайалар тэллэхтэригэр үүнэр намыһах нарын от Түөрт тычинкалаах таал от. ОВР
    Я. Ср
  • тюрк. -монг. тала, дала ʻстепьʼ, эвенк. тала ʻузкая долина с соляными источникамиʼ

«Т» буукуба