ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таал

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы селезёнка

English spleen

Ис хоһооно · 7

1 аат тыл #

Нууччалыы селезёнка

English spleen

  • таала кырыыланар
    он недоволен, он сердитсяhe is unhappy / he is angry
I

2 туохтуур #

(үксүн сыһ. туохт. ф-гар тут-лар)

  • Уол кыыһы бэйэтигэр сыһыары тарта. Сылаас уоһунан сыһынна. Таалан турдулар.
    М. Попов
  • Дьулустаан ханна да ыксаабат үлэлээх-хамнастаах киһи быһыытынан, сылаас суорҕанын анныгар таалан сыппахтаата.
    Э. Соколов
  • Бөлүүн түһэн ааспыт ичигэс ардахтан от-мас сымныы таалбыт
    В. Титов

3 туохтуур #

Туох эмэ үчүгэйигэр таттаран астынан, манньыйан, налыйан хамсаабакка тур (олор, сыт)

Нууччалыы Замереть, обмереть от удовольствия

4 туохтуур #

Туох эмэ соһуччутуттан тугу гыныаххын булбакка, алааран оннугар туран (олорон) хаал

Нууччалыы Замереть, оцепенеть от неожиданности. [Оһох кэнниттэн намчы илии быган, күөстэриттэн кырбас эти ылбытыттан] бары олус соһуйан, саҥата суох таалан олорбуттара

  • [Уйбаан Дууһа утары эппититтэн] дьон бары ортолоругар этиҥ түспүтүнүү, таалан, туох өлүүтэй диэххэ айылаах олороллор.
    Эрилик Эристиин
  • Гура улаханнык соһуйбута, балачча саҥата суох таалан, дьону кэриччи көрөн олорбохтообута
    В. Яковлев

5 туохтуур #

Өйгүн сүтэрэн, туймааран тугу да билбэт буол

Нууччалыы Терять сознание, находиться в забытьи

  • Баҕа түөһэ нарайан, Түөрт мүһэтэ адаарыйан, -- Таралыйа түспүтэ, Таалан, дөйөн сыппыта.
    С. Данилов
  • Сүүрэн маҕыйан иһэммин, аан модьоҕотуттан иҥнэммин, умса баран түстүм, быарым доргуйан, өр таалан сыттым.
    Р. Баҕатаайыскай
  • Хачыгыр сирэйинэн умса баран, уҥа иэдэһин бүтэйдик ибили түһэн, өр таалан сытта.
    Эрилик Эристиин
Өссө холобурдар (1)
  • Ср. др. -тюрк., тюрк. тал ʻпадать в обморок, лишаться чувствʼ
II

6 аат тыл #

, анат. Киһи-сүөһү быччархайдыҥы көрүҥнээх, уһун ньолбуһах быһыылаах ис уоргана, хааны оҥорууга кыттыһар, микробтары, сүһүрдэр веществолары эттэн-хаантан ыраастыырга көмөлөһөр

Нууччалыы Селезёнка

  • Оҕонньор бу иһэн аны таала аста, уоскутаары, кини ойоҕоһун хам тутта сатаата.
    Н. Заболоцкай
  • [Маайаны хотуна үөттүрэҕинэн кырбаабытыттан] хаҥас бүлгүнүн үрдүттэн тоҕоноҕор тиийэ, ынах таалын сыһыары баайбыт курдук, биир кэлимсэ күөх баламах буолбут.
    Эрилик Эристиин
  • [Титириир ыарыыттан] тииһиктэрэ хатылана тураллар, ыарыһах күүһэ-уоҕа мөлтүүр, дьүдьэйэр, кубарыйар, быара, таала улаатар
    КАМ ТЫаТТБ

7 этии #

Нууччалыы Попасть в безвыходное положение, прийти в отчаяние. [Чыычаах] ыксаан таал муҥуругар тиийэн кини [күтэргэ]: "Дьукааҕым, мин эйиэхэ аһым үчүгэйин таһан биэрэрим

Этиилэр

Таала кырыыланар көр кырыылан

Иван Николаевич кэллэ кэлээт, кини бастыҥ дьиэтин былдьаан ылбытыттан Соппуруон баай олус абаккарар, учууталга таала кырыыланар, өстүйэр. Н. Якутскай. Партком сэкирэтээрэ биир мунньахха Сэпсиирэп уора-көстө арыгы булан иһэрин ахтан ааспыта, онтон ыла кини сэкирэтээргэ таала кырыыланан, туохха тутан түбэһиннэрэрин булар муҥар түспүтэ. П. Аввакумов. Таал муҥуругар тиийэр - хайдах да гынан быыһаммат ыар суолугар түбэһэр, муҥур уһугар тиийэр, ыксыыр Эн буоллаххына миэхэ аһыҥ куһаҕанын талан биэрэҕин. Эһиил мин эйигиттэн арахсыам", - диэхтээбит. Суорун Омоллоон. Таала хатыыланар - кыыһырар, тымтар.

Сердиться, гневаться.

  • Туоххун быһа үктэтэн, Миэхэ таалыҥ хатыыланна? Үөйбэтэх суолбун үөтэн, Сулуйдуҥ сыппах быһаҕынан!
    Баал Хабырыыс
  • Ямлиха уолчааныгар кыратык таала хатыыланан олорор. Тылыгар киирбэккэ уола кинини кыыһырта. Агидель к. Таалын таптарар - кырдьыгын, чахчытын таба этиттэрэр (үксүн сыһ. туохт. ф-гар тут-лар). соотв. правда глаза колет. "Ийэ-ээ! - таалын таптаран, Аркадий сымнаата. - Кырдьык даҕаны, сүбэ-ама биэрдилэр".
    Р. Баҕатаайыскай
Өссө холобурдар (1)
  • Др. -тюрк., тюрк. тал

«Т» буукуба