Перевод с якутского
таарый
туохтуур
Нууччалыы прикасаться, притрагиваться к кому-чему-л
Ис хоһооно · 4
1 туохтуур #
Кими, тугу эрэ кыратык хамсат, даҕайан ыл
Нууччалыы Прикасаться, притрагиваться к кому-чему-л
Оһоҕостоох дьахтар булт тэрилин таарыйыа да, атыллыа да суохтаах. Болот Боотур "Киһи таарыйдаҕын аайы дьигиҥнээн түһэн, адьас дикарка буолан эрэбин быһыылаах", - диэн кыыс бэйэтин сэмэлэнэ санаабыта.
Н. Лугинов"Холбос" [тэрилтэ аата] киһитэ өттүгэр баар бэстилиэтин тарбахтарын төбөтүнэн таарыйан аһарда И. Никифоров
2 туохтуур #
Атын соруктаах ханна эрэ ааһан иһэн сырыт, сылдьан аас
Нууччалыы Заехать, заглянуть мимоходом, по пути куда-л
Мунньахха баран иһэн, бу оҕо тахсыбыт сураҕын истэн, көрөөрү таарыйдым. А. Софронов Кытыл үрдүгэр ханнык эмэ томтор, үрдүк сир баар буоллар, кырса ону таарыйбакка ааспат. Н. Якутскай Биһиги тахсар холкуоспут массыыната бүгүн киирэр үһү. Ону Таарыйдыннар диэн эттим С. Ефремов
3 туохтуур #
Туох эмэ туһунан кэпсиир, саҥарар түгэҥҥэ сыһыаран атыны эт, ахтан аһар
Нууччалыы При разговоре коснуться кого-чего-л. мимоходом, кстати
Хатан-чаҕаан тылынан Кулаак кутуругун Силтэһини -- Хабыр-хабырдык таарыйан Хаарыйталаан ыллылар. С. Васильев Сүөһү иитиитин таарыйдахха, тыа хаһаайыстыбатын бу ордук хаалыылаах салаатыгар кэнники сылларга боччумнаах сыҕарыйыылар таҕыстылар. ПАК. Берг -- Австрияны кытта сэриилэһии боппуруоһун таарыйбытынан барда. Л. Толстой (тылб.)
4 туохтуур #
Киһи дууһатын тыытар, санаатын долгутар гына саҥар, эт
Нууччалыы Взволновать, задеть кого-л. за живое словами, упрёками
Катя уһуннук бодоруһан, эрин ханнык уйан миэстэтин таарыйан хамсатарын [тылын иһитиннэрэрин, үлэлэтэрин] билэр. Далан Айдар Быстахов тыллара барыларын таарыйда, Сорох сөбүлээн, сорох утаран күйгүөрэ түстүлэр.
Н. ЛугиновБалагыай сэмэлээһинэ кинини эмиэ улаханнык таарыйбыта. Д. Таас
Өссө холобурдар (1)
Ср. кирг. даары ʻкоснуться, слегка задетьʼ, ног. дары ʻзадеватьʼ