ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таарыйа

сыһыат

Нууччалыы одновременно с чем-л. другим, попутно, заодно

1 #

Сүрүн дьарыгы тэҥинэн тугу эмэни таарыччы (оҥор)

Нууччалыы Одновременно с чем-л. другим, попутно, заодно (делать что-л.)

  • Былыргы элбэх көлөлөөх, ыар ындыылаах айан дьоно аттарын таас сиргэ үүнэр чуурукта диэн ааттаах уохтаах окко уота, күүс киллэрэ таарыйа, бүтүн ый тухары айанныыллара үһү.
    Н. Заболоцкай
  • Хотуур сытыылана таарыйа, сынньанан, ымдаан истилэр.
    М. Доҕордуурап
  • Тоҥмуттарын таһаара таарыйа сорохтор тустан тутуһан, хапсыһан көрдүлэр
    П. Филиппов

2 этии #

Нууччалыы Находящийся на чьем-л. пути

  • Суол таарыйата - барар суолуҥ кытыытыгар, адьас чугас баар, сытар Чугас ыалгын, уруугун-аймаххын, биир үөйбэтэх түбэҕин - суол таарыйата - билэҕин.
    С. Руфов
  • Ити аймалҕан туһунан умнубуппут кэннэ Тиит, суолун таарыйатыгар, Сүөкүлэ дьиэтигэр тиийэн хаалбыт.
    А. Сыромятникова
  • Суол таарыйата буолан тохтоотум. "ЭК"

«Т» буукуба