Перевод с якутского
тааҕы
сыһыат, аат тыл
Нууччалыы сбившаяся, свалявшаяся шерсть; спутавшиеся волосы
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Түү, баттах бэйэ-бэйэтин кытта сыстыһан, иилистэн мөчөхтөспүтэ
Нууччалыы Сбившаяся, свалявшаяся шерсть; спутавшиеся волосы
Бу ат түүтэ тааҕы буолан хаалбыт. ПЭК СЯЯ. Тааҕы буола будьуруччу үүммүт, арбайбыт баттаҕын кырыттарбыта И. Никифоров
2 аат тыл #
Туох эмэ онон-манан элэйбитэ
Нууччалыы Что-л. старое, потрёпанное изношенное местами
Мин кыра эрдэхпиттэн биир тааҕы буолбут полевой суумкалаах, куруутун тиэтэйэ-саарайа, дьаһайса сылдьар киһини өйдүүбүн Далан
3 аат тыл #
түөлбэ. Эргэрбит куобах суорҕан
Нууччалыы Старое истрёпанное заячье одеяло
Хатыттаар, миигин тааҕыга суулаан бараҥҥыт, дьиэ эркинигэр тахсаҥҥыт ууран кэбиһиҥ! Саха ост. I. Биир өргөстөөх (өргөс муостаах) тайах талахтаан сии-сии иһэр. Бу тайах кэлэн били оҕонньору тааҕылары, талаҕы кытта сиэн кэбиһэр. Саха ост. I. Ср алт. таакы, хак. тааха ʻклочок шерстиʼ, кирг. даакы ʻвесенняя шерсть (ещё не вылинявшая)ʼ
4 #
Туһата суоҕу, хаалары
Нууччалыы Понапрасну, без пользы
Эчикийэ, тааҕы эрэйдэнэн кэллим, дабыдалым силиитин таах ууллардым [диир хаххан].
Суорун ОмоллоонЭэ, тааҕы саҥара турума дуу, үрэх быта үрэххэр бараҥҥын балыктаан сиэ.
КүндэТукаам, туоҕуҥ саҥатай, тааҕы баҕаран санааҕын уурума, хаһан сатаан киирээригин [үөрэххэ] Н. Түгүнүүрэп