ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таныктаах

даҕааһын

Нууччалыы то, что может ещё пригодиться, более или менее приличный (напр

Ис хоһооно · 5

1 даҕааһын #

даҕ

  • Кэтэ сылдьар көстүүмэ таныктаах соҕус эбит.
  • Зашиверскайдааҕы таҥара дьиэтэ ССРС сиригэр-уотугар ордон хаалбыт түөрт башняттан саамай таныктаахтара.
    ХС
  • Билигин да син таныктаах массыына. "Күрүлгэн". Сопхуос үрдүнэн арай Хамаҕатта хранилищета арыый таныктаах
    Кыым

2 даҕааһын #

Бүтэһиктээхтик алдьана илик, билигин да киһи туһаныах курдук, сэнэх (хол., ханнык эмэ тутуу, таҥас-сап туһунан)

Нууччалыы То, что может ещё пригодиться, более или менее приличный (напр., о строении, одежде)

3 даҕааһын #

Атыттардааҕар син аҕайдык суруллубут (хол., айымньы)

Нууччалыы Стоящий, заслуживающий внимания (напр., произведение)

  • Бу таныктаах диэн сөбүлээн талбыт аҕыйах хоһооннорун ааҕааччыларга тиэрдэбит.
    С. Руфов
  • Чулуу үлэһит туһунан таныктаах уочарканы суруйбута.
    И. Аргунов
  • Талыллыбыт айымньыларга киириэх биир да таныктаах хоһоон суох эбит. Эрчимэн. Арыый да таныктаах соҕустарынан түөрт ааптар тылбааһын аахтылар
    ХС

4 даҕааһын #

Уруккутааҕар үүнүү биэриэх курдук, балачча үүммүт

Нууччалыы Более или менее урожайный, плодоносный (чем прежде)

  • Өҥ дьыллар ухханнара буолан, быйыл кэм таныктаах сайын буолар чинчилээҕэ.
    Болот Боотур
  • Солооһуммут эмиэ -- үрдүк үүнүүнэн өрүкүйэн эрэр. Оттон өтөххө ыспыт бурдукпут эмиэ таныктаах.
    М. Доҕордуурап
  • "Эмээхсиэн, ходуһабыт быйыл син таныктаах курдук дии", – Кирисээн идэтинэн икки өттүнэн иэҕэҥнээн ылла
    Чолбон

5 даҕааһын #

Баар дьонтон тыыппалаах, киһи иилэн ылар, аахсар (киһитэ)

Нууччалыы Наиболее достойный, способный

  • Өскөтүн дьиҥнээхтик бэрэбиэркэлиир буоллар, кинилэртэн киһи иилэн ылар таныктаах устудьуона аҕыйаҕа чуолкай.
    Н. Лугинов
  • Нэһилиэк таныктаах дьонун олорчутун хаайаллар.
    Н. Босиков
  • Биһигиттэн үөрэхпитигэр таныктаах соҕуспут Н. Р. Хоютанов, Н. Т. Слепцов быһыылаахтар
    И. Павлов

«Т» буукуба