ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таптар

туохтуур

Нууччалыы попасться под что-л., брошенное или выпущенное из чего-л. кем-л.; быть раненым

1 туохтуур #

Буулдьаҕа эбэтэр туох эмэ табыытыгар түбэс; бааһыр

Нууччалыы Попасться под что-л., брошенное или выпущенное из чего-л. кем-л.; быть раненым

  • Төһөлөөх кус-хаас таптаран баран, онно-манна тиийэн өлөн, суор-тураах аһылыга буоларый?
    Далан
  • [Түүлээх Уллуҥах] били тута сылдьар маһынан ыты туора охсон кууһуннарар. Ыт таптарар, орулуу түһэр, туора ойор.
    Суорун Омоллоон
  • Сылбырҕа бөрө таптарбатах, Сырбас гынан куотан биэрбит.
    С. Данилов
Өссө холобурдар (1)

2 этии #

Нууччалыы Не по нраву, не по нутру, не угодить кому-л

Этиилэр

Санаатын таптарбат

ким эмэ сөбүлүүрүн, сөпсүүрүн курдук буолбатах "Марыына, оҕо тоҕо эрэ бүгүн санаатын таптарбатах, дьоҕойон, тумуулаабыт дуу, тугуй?" - диэн баран оҕонньор кыыс төбөтө итийбитин билээри ытыһынан имэрийбэхтээн көрдө.

  • Сорохтор туохтан эрэ санааларын таптарбакка кыҥкыйдыах курдук буолбуттара.
    ХС
  • Яков мэлдьи туохха да санаатын таптарбат, тугу барытын сирэ сылдьар идэлээҕэ.
    АМН ҮТӨ

«Т» буукуба