Перевод с якутского
тараа
туохтуур
Нууччалыы расчесывать, чесать
English to comb
1 туохтуур #
Тарааҕынан эбэтэр тарбахтаргынан баттаҕы, түүнү сааһылыы сыый, көннөр
Нууччалыы Расчесывать, чесать
Ньукуу тобуктаан туран, сэрэммиттии аргыый аҕай [ийэтин баттаҕын] тарыыр. В. Гаврильева Таптыыр сэгэрим Нарын тарбахтара Ньалҕаарыччы тарыыллара, Куударам быыһынан Курдат көстө сөтүөлүүллэрэ. С. Васильев Ананий соноҕоһу сыҥааҕыттан тутан туран, сиэлин тараата М. Доҕордуурап
Өссө холобурдар (3)
Кыраабылынан оттоммут оту харбаа; туруоруллубут оту сааһылыы кыраабыллаа. Θ Собирать сено граблями, граблить; расчесывать, разглаживать граблями стог сена. Кырдал сир кыргыылаах баттаҕын Кыраабыл тииһинэн тарыырыҥ. Күннүк Уурастыырап Настааччыйа тиэтэйэ-саарайа отун тараабытынан барар. С. Маисов [Оту] төгүрүйэ үчүгэйдик тарыыллар ПАЕ УуАХО
2 туохтуур #
Буору боромньунан көбүт
Нууччалыы Разрыхлять землю, бороновать
Микиитэ Адаамап оҕонньор сиэйэлкэнэн бурдук ыстарар, арыт тараах тарыыр. Д. Таас Чараҥ арҕааҥҥы кудьумдьутун иһигэр куурбут сири талан тараабыттара. М. Доҕордуурап Тимир тиистээх боромньу оҥорторон бааһыналарын тарыыллара МАП ЧУу
3 этии #
тараахтаа диэн курдук. Дьон тардан ол тыаны тараабыттар да эмиэ булбатахтар. И. Гоголев Онуоха хаһыа да буолан биэс уоннуу миэтэрэ арыттаахтык тыаны тараан барыллар уонна куобаҕы ытан иһиллэр. ПМВ ССК. [Күрэххэ] үүрээччилэр киэҥник тараан муора диэки бардылар. В. Бианки (тылб.)
Этиилэр
Тарыыр көр тарыыр
[Ыттар] истибэтэхтэринэ, бэрт астык, бигэ-таҕа оҥоһуулаах тарыыр мас көмөлөһөр. Н. Заболоцкай Хаарга батары анньыллыбыт тарыыр кыычыгырыы түһээтин кытары, буочак барыларын төттөрү тардан ыларга дылы гынна.
Н. Лугинов
Өссө холобурдар (1)
Тув. тыра, каракалп. тарау, др. -тюрк. тара