Перевод с якутского
тараах
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы расчёска, гребень
English comb
Ис хоһооно · 7
1 аат тыл #
Баттаҕы тарыырга аналлаах чаастай тиистэрдээх тэрил
Нууччалыы Расчёска, гребень
Сиэбигэр пластмасс тараах тобоҕо сылдьарын булан тараанна. Софр. Данилов. Уолчаан тостубут тиистэрдээх ньаалбаан тарааҕынан кини хойуу баттаҕын аргыый аҕай тараан барбыта. В. Гаврильева Тараана турбут тарааҕын тыастаахтык туумбаҕа бырахта А. Фёдоров
2 аат тыл #
Сорох көтөрдөргө төбөлөрүгэр үүнэр, үксүгэр кыһыл дьүһүннээх, сымнаҕас эт
Нууччалыы Гребешок (петушиный)
Өйдүүбүн күн кылахаччыйа ойуута Кыһыл тараахтаах бөтүүгүм Уһуктан ордоотуута Оскуолабар сүүрэрим. П. Тобуруокап Кубаача Куурусса тарааҕыныы Кулгааҕа кытаран барда С. Васильев Кыһыл тараах кырааскалаах дьааһыктар -- тураллар. Амма Аччыгыйа
Өссө холобурдар (3)
Таллан эриэн Тараах ырбаахылаах, Кыргыыны билбэтэх Кыл баттахтаах Кыра соҕус уол. И. Эртюков Давид Романович тараах ойуулаах күөх пижамалаах дьыбааҥҥа тиэрэ түһэн сытта. В. Протодьяконов Манна [күөлгэ] үөскүүллэр: сытыы тиистээх сордоҥнор, тараах эриэн алыһардар ХС
3 аат тыл #
Боромньу
Нууччалыы Борона. Микиитэ Адаамап оҕонньор сиэйэлкэнэн бурдук ыстарар, арыт тараах тарыыр. Д. Таас. Кинилэр хоруппут сирдэрин уун-утары тарааҕынан саптаран истилэр. М. Доҕордуурап
4 даҕааһын #
суолт. Дьураа-дьураа сурааһыннардаах, дьураалаах
Нууччалыы В полоску, полосатый
5 этии #
Этиилэр
Тараах иэннээ көр иэннээ
[Куһаҕан Хочугур:] Хотуок, таах тарайан олорума, уута баһа киирэ оҕус, убайыҥ кэлэн тараах иэнниэ. И. Гоголев Оттон, бэйикэй, манна таҕыстаргын эрэ туттаран ылан тараах иэнниэм, кулугур кулгаахтыам. Далан
6 этии #
Нууччалыы Копыта чёрного цвета в белую полоску
Этиилэр
Тараах күрдьүгэс көр күрдьүгэс II
Тойонноро Маһарах этиитинэн бу түүн Мас Өнүгүй ойууну кыырдаран, биир тараах күрдьүгэс кунан оҕуһу өлөрөн, сэрии сэбин хааннаатылар. Эрилик Эристиин Тараах күрдьүгэс дьүһүннээх, такырыттаҕас муостаах кунан оҕус моонньун түүтүнэн тордуйа иһигэр уйа оҥоруллар. Н. Павлов
Өссө холобурдар (4)
Тараах туйах(таах) - үрүҥ дьураалардаах хара туйах Миинэр миҥэтэ -- Чаҕыллаах харахтаах, Тараах туйахтаах, Ньалака сиэллээх-кутуруктаах. Саха фольк [Уулаах] таһырдьа тахсан, таҥхайбыт быһыылаах, тараах туйахтаах улаан аты сэргэттэн сүөрэн [ылла]. Эрилик Эристиин Тараах туйах үксүгэр элэмэс сылгыга баар буолар. АНД СӨДь И. Тюрк тарак
7 даҕааһын #
, түөлбэ. Атаах
Нууччалыы Избалованный, капризный
Мааны, тараах оҕо дьиэ миинньиктиирин абааһы көрөн үҥсүбүт. Болот Боотур Тараах кыыс Тыҥаахтаатаҕына Атаах уол Айгыһыннаҕына Күн күлэр. Кэлэйэн күлэр С. Данилов