Перевод с якутского
татымсый
туохтуур
Нууччалыы становиться недостаточным, скудеть
туохтуур
Аҕыйах буол, кэмчитий, тутахсый
Нууччалыы Становиться недостаточным, скудеть (напр., об еде, одежде)
Сибээс быстан хаалар, ас-таҥас татымсыйар, сэппит-сэбиргэлбит баранан барар. В. Яковлев Оннооҕор өҥ дьылга сааһыарыы ас-үөл татымсыйааччы. Ф. Постников Астара-үөллэрэ татымсыйан, уу судураан хааһыларын да күҥҥэ биирдэ сиир буолан барбыттара ХС
Өссө холобурдар (3)
Толкуйдуур, хабар ыырыҥ кыараан, кыранан муҥурдан (өй-санаа туһунан). Θ Быть, стать убогим, ограниченным, скудным (об уме, мыслях, кругозоре). Итинник быһыы-майгы, өй-санаа татымсыйбыт кэмигэр үтүө-мөкү буккуллар, өй-санаа харааччы иирэн хаалар.
Н. ЛугиновКыыс кини аттыгар кэллэр эрэ, сүрэҕэ тэбэр, тыла көһүйбүккэ, өйө татымсыйбыкка дылы буолар. А. Фёдоров Санаа-оноо кыарыыра, татымсыйара, урукку дьоммут үгэстэрин кыайан тутуспаппыт, суобастарыгар, майгыларыгар тиийбэппит туохтан эбитэ буолла? Кыым