ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таҥ

аат тыл, туохтуур

Нууччалыы собирать, соединяя различные части изделий, механизмов, машин в одно целое, приводить в рабочее состояние

I

1 туохтуур #

Туох эмэ оҥоһугу, массыынаны чаастарын хомуйан, холботолоон, үлэлиир, туттуллар гына аттаран оҥор

Нууччалыы Собирать, соединяя различные части изделий, механизмов, машин в одно целое, приводить в рабочее состояние

  • Балыыһа оттуллар систиэмэтэ алдьанан -- кылгас кэм иһигэр барытын уларытан, саҥалыы таҥнылар.
    Д. Бубякин
  • Сылайан уонна генератордарын таҥалларыгар сорох чаастара тиийбэт буолан, кини киҥэ-наара холлон олорор этэ.
    ХС
  • Арыыга ыһылла сытар косилканы таһааран, хас эмэ күн таҥмыттара. Ходуһа х
Өссө холобурдар (3)
  • Тугу эмэ баай, өр (хол., илими); тус-туһунан сылдьаллары туттуллуохтаах бэрээдэгинэн сааһылаан, баайталаа, силбээ (хол., баайыллыбыт муҥхаҕа кынаттарын ийэтигэр холбоо, хотоҕосторун таастыганнарын ситимигэр баайталаа). Θ Плести (напр., рыболовную сеть); соединять по установленному порядку отдельные части чего-л. путём связывания, завязывания, зашнуровывания (напр., части невода, прикрепляя при этом крылья к мотне, грузила, поплавки к нижним и верхним бечёвкам). Кини муҥханы сатаан таҥарынан -- бу диэки кэрэхсэммит кырдьаҕас.
    Н. Габышев
  • Биир сүүрбэччэлээх кубаҕай сирэйдээх, ыарыһах көрүҥнээх уол илим таҥа олорор.
    ХС
  • Л. И. Корякин салайар балыксыттарын биригээдэтэ муҥхалары өрөмүөннүүр, таҥар
    Кыым

2 туохтуур #

Тугу эмэ чаас-чаастартан аттаран, сааһылаан оҥор

Нууччалыы Составлять что-л. из отдельных частей или кусков чего-л

  • Суруйааччы кыра-кыра, лоп-бааччы этиилэринэн таҥан айымньытын сүрүн идиэйэтинэн таҥан ис хоһоонун кыра ааҕааччыларын өйдөрүгэр-санааларыгар тиийэр гына суруйбут.
    ХС
  • Эспэнээттэри таҥан оҥоруу бэйэтэ сыаллаах-соруктаах буолар. "Кыым". П. А. Лазарев салалтатынан уу оҕуһун дьардьаматын таҥан мусуойга туруорбуттар. ВПВ ИК. Үөрэнэр кинигэни таҥан оҥорорго саха тылын үөрэтиигэ оскуолаҕа олохсуйбут үгэһи сүнньүнэн тутустубут. ПНЕ С
    Т. Ср
  • др. -тюрк., тюрк. таҥ ʻзавязывать, связывать, вязатьʼ
II

3 #

тыаһы үт. т. Чараас, хатан тимир охсуллар тыаһа

Нууччалыы Подражание звуку, производимому при ударе чего-л. тонкого металлического

  • Ср. туркм. таҥ ʻподражание грохоту, лязгуʼ

«Т» буукуба