ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

таһылын

Нууччалыы упасть плашмя, на спину

I

1 #

таһый диэнтэн атын. туһ. [Чолооску:] Оҕоҕо кыратык таһыллар, кырдьык, абырал буолааччы. Амма Аччыгыйа. Мэлдьи дьарыйылла, таһылла сылдьар ыт хоргус буолар. И. Федосеев

2 #

Тас уорҕаҕынан түс, оҕун (халтарыйан, халты тэбинэн)

Нууччалыы Упасть плашмя, на спину (поскользнувшись)

  • Оҕо барахсан баара Оройунан хойуостанан, Муннунан-уоһунан Мууска таһыллыбыт Сордоҥ балык курдук.
    П. Ойуунускай
  • Мордьооску мэйиитэ эргийдэ, Түү мээчиктии сиргэ төкүнүйдэ, Өлө сыста иэнинэн таһыллан Өөр-өр сытта уҥан нараллан.
    Болот Боотур
  • Кыыс ыаҕастаах үүтэ ыһыллыбытынан тиэрэ таһылла түстэ
    М. Доҕордуурап
II

3 #

тас I диэнтэн атын. туһ. [Марина:] Саҥа дьиэ тутан эрэр сирдэрэ быһыылаах этэ, сүрдээх үгүс бэрэбинэ таһыллыбыт этэ. Амма Аччыгыйа. Оскуола акылаатын буора таһыллан, күдэн буор салгыҥҥа түптэлэнэ көппүтэ. М. Доҕордуурап

«Т» буукуба