Перевод с якутского
тигис
туохтуур
Нууччалыы приплывать, приставать к берегу
Ис хоһооно · 5
1 туохтуур #
Уунан устан кэлэн кытыыга таҕыс, сыһын
Нууччалыы Приплывать, приставать к берегу
Ньырбачаан тордохтор тустарыгар кэлээт, туох да саараҥа суох тыытын кытыы диэки салайбыта уонна кытыыга тиксибитэ. Далан Быйыл күһүн балык үчүгэйдик тиксэр сибикитэ биллибитэ. И. Федосеев Куба күөл арҕаа кытыытыгар тиксэн иһиллии олорор ХС
2 туохтуур #
Ханна эмэ тиий, баар буол
Нууччалыы Оказаться, очутиться где-л
Быһаҕы манна умнубутум буолуо. Эйиэхэ хайдах тигистэ? Н. Габышев Урут дэҥҥэ сылдьар үрэҕин тардыытыгар тиксэн хаалбытыттан соһуйан, тула көрүнэн олоотообута. П. Аввакумов Буойуҥҥа кыайан тиксибэтэх мэтээл Сүөкүлэҕэ кэлбитэ ХС
3 туохтуур #
Туохха эмэ тииһин, ирээттэ, өлүүтэ ыл
Нууччалыы Добиться чего-л., получить что-л. при разделе, раздаче; иметь долю, часть от чего-л
Өр үтүрүһэн, үчүгэй бэйэлээх саһархай сэлээппэҕэ тигистим. Н. Габышев Атын сири-уоту ахсарымына, сүрэхтэрэ сөбүлүүр үлэтигэр-хамнаһыгар тиксимнэлэр арыгыга убанан – кэскиллэрин сарбыммыт ийэлэр-аҕалар да баар буолбуттара. В. Титов Өрөспүүбүлүкэтээҕи куоталаһыыга бириистээх миэстэҕэ тиксэн харчынан бириэмийэ ыллыбыт ПДН ТБКЭ
4 туохтуур #
Туохха эмэ түбэһэр, туох эмэ буолар аналлаах, ыйаахтаах буол
Нууччалыы Выпасть на чью-л. долю; угодить, попасть куда-л
Төрүт даҕаны баттыгаһы сөбүлээбэт сордоох этим гынан баран, хара дьай охсуутугар түбэһэн, алдьархайга тиксибитим.
Суорун Омоллоон"Эн курдук аанньалы анал оҥостон эрэр үрдүк дьол хайаларыгар тигистэ?" – Марусь билэ охсор баҕата тулуппата. "Чолбон". Миэхэ сэбиэскэй суруйааччылар сийиэстэрин эҕэрдэлиир чиэс тигистэ Чолбон
5 этии #
Нууччалыы Принять причастие, причаститься. [Артемьев:] Сыл аайы таҥараҕа тиксэҕин, аньыыгын этэҕин дуо диэн ыйытар тойон
Таҥараҕа тигис итэҕ. – христианскай итэҕэлинэн, таҥара дьиэтигэр ыытыллар таҥараҕа тиксии сиэригэр-туомугар сырыт, кытын
Суорун ОмоллоонТаҥараҕа тигистэхтэринэ, аньыыларын эттэхтэринэ чэпчииллэрэ, дьэгдьийэллэрэ. И. Гоголев Николка Булгунньахтаах дьаамыгар сотору-сотору таҥараҕа тиксэ барар идэлэммитэ. Ойуку. Ср. др. -тюрк. тегиш ʻкасаться, доставатьʼ