ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тигээрдээ

туохтуур

Нууччалыы подняв хвост, носиться, бегать обезумев

туохтуур

Тигээйи тикпититтэн ыарыыланан, үөнтэн- көйүүртэн куота сатаан, кутуруккун хороччу туттан баран мээнэ атах балай сүүр да сүүр буол (сүөһү туһунан)

Нууччалыы Подняв хвост, носиться, бегать обезумев (о скоте ужаленном, гонимом оводами, осами)

  • Ньирэйдэр тигээрдээн сырсаллар, Эргэ дьиэ күлүгэр мусталлар.
    С. Данилов
  • Тиэргэн тулатынааҕы сүөһүлэр, тигээрдээн кутуруктарын хороччу тутта-тутта сырсан тигинэһэллэр.
    Д. Таас
  • Субаннарбыт бүгүн дэлби тигээрдээннэр аанньа аһаабатылар
    И. Сосин

«Т» буукуба