ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тик

туохтуур

Нууччалыы шить, сшивать

English to sew

Ис хоһооно · 5
I

1 туохтуур #

Анаан быһыллыбыт таҥас (тирии, туос, о. д. а.) лоскуйдарын иннэлээх сабынан, кылынан холботолоон, та-ҥнар таҥаста, туох эмэ оҥоһукта оҥор, иистэн

Нууччалыы Шить, сшивать

  • Ырбаахыта тик. Илиинэн тик.
  • Дьахталлар -- имитиллибит таба тириититтэн кырыйан ичигэс таҥаһы тигэллэр.
    Н. Якутскай
  • Маҥан Малаанньыйа уот иннигэр олорон тымтай тигэр.
    Күндэ
Өссө холобурдар (1)
  • Витя ийэтэ тикпит маа бэйэлээх этэрбэһэ сытыйан, төбөтө салтайан таҕыста
    Н. Заболоцкай

2 туохтуур #

эмт. Хайдыбыт, тэллибит дириҥ бааһы остун диэн кытыытын силбэһиннэри анал иннэлээх сабынан холбооттоо

Нууччалыы Наложить шов

  • Куйахата хайдыбытын тиктилэр.
  • Миигин -- Сирэйбин саабыланан кэрпиттэрэ, Эн курдук быраас дьахталлар аһынан, Тэллибит иэдэспин тикпиттэрэ. Дьуон Дьаҥылы. Кыысчаан бааһын тикпит эмээхситтэр кыа-хаан буолбут илиилэрин суунаары, күөл диэки -- үнүөхтэспиттэрэ. С. Курилов (тылб.)

3 туохтуур #

Тугу эмэ туохха эмэ иҥиннэрэн туттар

Нууччалыы Прикрепить, прибить, привязать что-л. к чему-л

  • Чап-чараас хаптаһыны тигэн, ыаһаан оҥороллоро.
    Н. Габышев
  • Бүтэйи тимир тоһоҕонон тииттэн тииккэ тигэн оҥорор буолбуппут онус сылыгар барда. ОМГ ЭСС. [Бүтэй] остуолбатын -- уобаллаан атахтыыллар, сиэрдийэтин тимир тоһоҕонон тигэллэр эбит. АГГ СТ
    К. Тюрк
  • тик, тегү, тикмек
II

4 туохтуур #

Киһи эбэтэр сүөһү тириитин иннэҕинэн дьөлө анньан, тэһэ кэйэн сүлүһүнү киллэр (тойон ыҥырыа, тигээйи о. д. а. тустарынан)

Нууччалыы Жалить, ужалить (о пчеле, осе и т. д.)

  • Көрбүт да, көтөн кэлэн саалаах уолу илиигэ тикпит.
    Суорун Омоллоон
  • [Киһи] кинини тигээри саба түһэр тигээйилэри үүрэ сатыырдыы сапсыммахтыыр.
    И. Гоголев
  • Били диигинэс үөннэрэ эккирэппиттэрэ. Хаста да сүнньүгэ, көхсүгэ тикпиттэрэ
    И. Федосеев

5 туохтуур #

Кими эмэ биллибэтинэн, кэнниттэн саҥара, эбэтэр түһэрэн биэрэ сырыт

Нууччалыы Колоть, задевать, уязвлять словом кого-л. исподтишка

  • Ааҕааччы. Мин сэрэхпин! Сир үрдүгэр Бааллар күннээх Моцардар, Сыылла сылдьан кистээн тигэр Сальерилар эмиэ бааллар.
    И. Гоголев
  • Ол дьахтар иһэ истээх. Ити таһа маанытын -- көрүмэ, туох баары барытын оҥоро, тигэ сылдьар буолуохтаах.
    М. Попов
  • Биһиги кийииппит кырдьыгы сирэйгэ этэрин сөбүлүүр. Киһини кэнниттэн саҥара, биллибэтинэн тигэ сылдьыах кэриэтэ ол ордук.
    Ч. Айтматов
Өссө холобурдар (1)
  • Др. -тюрк., тюрк. тик

«Т» буукуба