Перевод с якутского
тиэхэлээх
даҕааһын, аат тыл
Нууччалыы смешной, шутливый, потешный
1 даҕааһын #
Күлүүлээх, көрүдьүөстээх
Нууччалыы Смешной, шутливый, потешный
Дьиэҕэ үүт эрийэр дьахталлар Тиэхэлээх ырыаны ыллыыллар. С. Данилов – Миэхэ тиэхэлээх ыйытыы баар, Айдар.
Н. ЛугиновДьон тиэхэлээх саҥаттан күлэн ымаҥнаһа олордулар М. Доҕордуурап
2 даҕааһын #
Дьиибэлэнэрин таптыыр, тэбэнэттээх, мэник (оҕо)
Нууччалыы Склонный к шалостям, озорный, шаловливый (ребёнок)
Тиэхэлээх оҕо дэттэрэн, Тэһитэ баран хаһыытыыр, Сэттистэртэн бэртэрэ Сиэлэр мэник Акыым. К. Туйаарыскай Сымыыттаах [киһи аата] биир даҕаны чыычаах уйатын сүгүн туруорбат, дьэ оннук тиэхэлээх оҕо ПНО Тиэргэн иһэр түмсэннэр, Тиэхэлээхтэр күллүлэр. М. Ефимов
Өссө холобурдар (1)
[Миигин] Көрүдьүөстэр күүтэллэр, Тиэхэлээхтэр таптыыллар, Куруубайдар үөҕэллэр, Тоҥкурууннар тумналлар И. Гоголев
3 аат тыл #
суолт. Тиэхэлэнэрин, көрүдьүөһүрэрин сөбүлүүр, олус дьиибэлээх киһи (үксүгэр элб. ахс. тут-лар)
Нууччалыы Человек, любящий забавляться, потешаться, шутник, насмешник (в основном употр. во мн. ч.)