ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

томторук

аат тыл

Нууччалыы намордник из бересты, дерева для собаки, телёнка

1 аат тыл #

Ньирэй уонна ыт муннугар кэтэрдиллэр туос, мас мэһэй оҥоһук

Нууччалыы Намордник из бересты, дерева для собаки, телёнка

  • Икки тыһы торбос томторуга биир үһү (тааб.: уус күөрдэ). Кээрэкээн ол ыты тутан тумсугар томторук кэтэрдэн, түөрт атаҕын түүрэ кыаһылаан кэбиспит.
    Амма Аччыгыйа
  • [Тамыйахпар] Туоһунан ойуулаан Томторук тигиэҕим.
    ДВ О
  • Саламаҕа, ситиигэ иилиллэр туос киэргэл, оҥоһук. Θ Берестяное изделие-украшение для саламы – волосяной верёвки. Ийэлэрэ бэйэтэ тикпит быыкайкаан туос томторуктарын, ыаҕайкаларын ол ситиигэ баайталаата.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (2)
  • Иккиэн хатыҥ туоһуттан холбоҕор муостаах ынахтары кырыйан оҥороллоро, кыракый томторуктары тигэллэрэ.
    Г. Угаров
  • Таҥас кыраһыга, Томуйах томторуга, Ситии-тайма эгэлгэтэ Намылыччы ыйаммыт
    С. Васильев

2 аат тыл #

Тыҥкыырайы айа холоругун кытта холбуур кыра мас

Нууччалыы Маленький деревянный колпачок, надеваемый на самый конец взвода и малого челака и удерживающий натянутую тетиву лука-самострела

  • Томторуктан маҥан сылгы кылынан оҥоһуллубут кылыыны тардаллар
    СНЕ ӨОДь

3 аат тыл #

Туут хайыһар атахха кэтиллэр быата

Нууччалыы Приспособление для закрепления у охотничьих лыж

  • Булчут хайыһарын томторуга быстыбыт. Ср. казах. түмылдырык, монг. торомтог, орд. торомток, халх. торамтаг ʻнамордникʼ

«Т» буукуба