ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тордуох

аат тыл, даҕааһын

Нууччалыы крючковатый выступ, ветвь чего-л

1 аат тыл #

Туох эмэ туора эбэтэр төттөрү хайыһа сылдьар чочоҕоро

Нууччалыы Крючковатый выступ, ветвь чего-л

  • Тордуохтаах мас
  • Туохха эмэ туттарга оннук чочоҕордоох оҥоһук, тэрил (хол., от тардар тордуох). Θ Орудие с крючковатым концом (напр., деревянный или металлический крюк для снятия со стога пластов сена). [Хатыҥ] Кыбыылаах оттон туоҕа тордуоҕунан күтүр улахан тэллэх саҕалары тоҕута тардан тэлимнэтэн ылан, уолаттар дьиэҕэ таһаллара.
    Далан
  • Мэхээс от үрдүгэр ыттан тордуоҕунан оту лөглөрүтэ тардан түһэртээтэ
    Ф. Захаров
Өссө холобурдар (2)
  • Туора эбэтэр төттөрү хайыһа сылдьар чочоҕордоох тимир эбэтэр мас тэрил (тугу эмэ иилэргэ, тардарга, холбуурга, тутарга аналлаах). Θ Железный или деревянный крюк, которым цепляют что-л. [Буор Сүргэй оҕонньор:] Чэйиҥ, тоҕус уолум, хаһабыттан кирилиэстэнэн тахсаҥҥыт, -- тоҕус тордуоҕунан тобулу саайаҥҥыт, үөһээ халтаһабын туруору тардыҥ эрэ. ПЭК ОНЛЯ III. Хас да саһаан усталаах үтүмэх маһы ойбонтон ойбоҥҥо туһаайан, мууһу аннынан үтэн, ачаахтаах маһынан сүнньүн булларан, тордуоҕунан күөйэ тутан, бэчимэни субуйан муҥханы соһон, икки сэлэнэн айаннаатыбыт. ФВС К. Торуос тиэрбэстээх уһугун тыраахтар бырысыап холбонор тордуоҕар кэтэрдэн баран, кунуһу сыарҕаттан ньылбы тартаран ыллылар
    ИИК СУоҮҮүЫ
  • Токур быһыылаах көстүү. Θ Крючкообразная форма. [Көбүөр отун] эминньэхтэрэ силлиһэ үүнэн, сибэкки кэтэх өттүгэр бөтүүк эрбэҕэһин курдук тордуоҕу үөскэтэллэр
    МАА ССЭҮү

2 даҕааһын #

суолт. Токур, баҕыырдыҥы быһыылаах, токурдаах

Нууччалыы Крюкообразный, имеющий загиб, крюк

  • Киэҥ эрили алаа харахтаах, күөл сэбири албын кулгаахтаах, тоҕута тардыах тордуох тумустаах, батарыта харбыах баҕыыр тыҥырахтаах, түүн үөһүгэр тыа иһигэр күлэн күһүгүрүүр баар үһү (тааб.: мэкчиргэ). Оттон тымныы ууга бөҕүөрэн хамсыыр-хамсаабат буолбут оҕо-дьахтар өттүн уһун тордуох мастарынан кытыыга соһуталаабыттара.
    Далан
  • Аҥылыйар дьаардаах айахтаах Адаар тордуох тыҥырахтаах Адьырҕа буола оҕуста
    П. Тобуруокап

«Т» буукуба