Перевод с якутского
торуоска
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы палка для опоры при ходьбе, трость. [Оҕонньор уолу] ситэн кэлэн, алтан торуосканан дэлби сынньан баран, уотун былдьаан ылбыт
Ис хоһооно · 4
1 аат тыл #
Тирэнэн хаамарга туттуллар синньигэс анал мас эбэтэр тимир (алтан) оҥоһук
Нууччалыы Палка для опоры при ходьбе, трость. [Оҕонньор уолу] ситэн кэлэн, алтан торуосканан дэлби сынньан баран, уотун былдьаан ылбыт
Эмп атыылыыр маҕаһыыҥҥа сылдьан, Симон оһуордаах тутаахтаах торуоска ылла. Л. Попов Токур торуоскатынан дугунан, Атыыһыт Дьокуускайга айаннаата С. Васильев
2 аат тыл #
Былааһы, бочуоттаах балаһыанньаны көрдөрөр анал кылгас мас эбэтэр тимир (алтан) оҥоһук (үксүгэр киэргэллээх буолар)
Нууччалыы Жезл. Наполеон эппитэ: "Мин хас биирдии саллаатым маршал торуоскатын санныгар сүгэ сылдьар". КМИ КИиТ
Торуоска маһын Уҥа илиитигэр тайахтанна. Саха нар. ыр. II. [Оҕонньор] күндү торуоска маска өйөнөн турара. Амма Аччыгыйа Кини торуоска тайаҕа түөрт уон муунта ыйааһыннааҕа ДьДьДь
3 даҕааһын #
суолт. Тирэнэргэ аналлаах (мас, тайах)
Нууччалыы Предназначенный для опоры при ходьбе (палка, трость)
4 этии #
Торуоска мас доҕордоо - умнаһыт оҥор Өксөкүлээх Өлөксөй. Туппута эрэ торуоската, кэппитэ эрэ сэлээппэтэ (бэргэһэтэ) - киһиттэн ыларын эрэ билэр, олус иҥсэлээх. Жадный, норовящий присвоить чужое добро, собственность. [Атыыһыт] кэппитэ эрэ бэргэһэтэ, туппута эрэ торуоската буолан төннөн баран испит. Саха фольк. Туппута эрэ торуоската, Кэппитэ эрэ сэлээппэтэ, Биэрэрин бэскэ ыйаабыт, Уунарын умнан кээспит. Өксөкүлээх Өлөксөй
Нууччалыы Доводить кого-л. до нищеты, до положения попрошайки. [Арыгы] Тойот улаатарын Тохтотон баран, Торуоска мас доҕордуур