ДьөгүөрСахалыы тылдьыт

Перевод с якутского

тиэрт

туохтуур

Нууччалыы доставить, передать кому-л. или куда-л. что-л. (напр., письмо). [Иван Иванович:] Таня, доҕорум оҕото, бу суругу кэмбиэргэ уган баран, бырабылыанньаҕа тиэрдээр

Ис хоһооно · 8

1 туохтуур #

Ханна эмэ тугу эмэ (хол., суругу) илт, тиксэр

Нууччалыы Доставить, передать кому-л. или куда-л. что-л. (напр., письмо). [Иван Иванович:] Таня, доҕорум оҕото, бу суругу кэмбиэргэ уган баран, бырабылыанньаҕа тиэрдээр

  • Зельцер суругу Неустроевтан хаайыыга, хаайыыттан Неустроевка тиэрдэн испитэ.
    П. Филиппов
  • [Михаил:] Мин бакыаты хайаан даҕаны тиэрдиэхтээхпин
    ХС

2 туохтуур #

Кимиэхэ эмэ ханнык эмэ илдьити, сураҕы, сонуну о. д. а. эт, иһитиннэр

Нууччалыы Передавать, сообщать кому-л. какую-л. новость, извещение, весть и т. д

  • Эҕэрдэтэ тиэрт. Илдьиттэ тиэрт.
  • "Харбас баайга баһыыбата тиэрт", – диэтэ Күүстээх-күдэхтээх күн судаара.
    П. Ойуунускай
  • [Дуолан Хара:] Үөрүүлээх сураҕы тиэрдэргэ Атах да, тыл да сыыдамсыйаллар.
    И. Гоголев
Өссө холобурдар (1)
  • [Маша] ардыгар сонуну истэн баран, Друзьяновтаахха тиэрдэрэ
    М. Доҕордуурап

3 туохтуур #

Тугу эмэ туохха эмэ таарыйардыы чугаһат, даҕай

Нууччалыы Приближать, подносить что-л. близко к чему-л., едва касаясь

  • Сорохтор эттэрин айахтарыгар тиэрдиэхчэ буолан иһэн, ситэ укпакка, тохтоон хаалаллар.
    Күннүк Уурастыырап
  • Атын ким да тиэрдэ илигэ Уостарын мин итии иэдэспэр.
    П. Тобуруокап
  • [Чукчакыын] кумуччу туппут сутуругун муннун анныгар тиэрдэн, тарбахтарын сэгэтэн көрдө
    С. Маисов

4 туохтуур #

Кими эмэ ханна эмэ тиийэ илт, илдьэн тиксэр

Нууччалыы Доводить, сопровождать кого-л. до какого-л. места

5 туохтуур #

Тугу эмэ болдьохтоох кэмҥэ диэри бүппэккэ, бараммакка тиийэрин курдук дьаһан

Нууччалыы Использовать что-л., рассчитав расходы так, чтобы хватило до какого-л. срока, дотягивать

  • Боппууда бурдуктарын үүнээйитин кэмчилээн-кэмчилээн ороһуоспаҕа эрэ тиэрдибиттэрэ.
    Амма Аччыгыйа
  • Ким тугу сатыырынан талбытынан күөстүөн сөп. Үс аһылыкка орочуоттаан тиэрдиэхтээх этэ.
    Н. Лугинов
  • [Дьэкиим:] Онтукатын Болтоһо толору биир сылга тиэрпэтэҕэ
    ХС

6 туохтуур #

Кими эмэ ханнык эмэ быһыыга-майгыга тиксэр

Нууччалыы Доводить кого-л. до чего-л., втравить во что-л. [Бүөтүр:] Доҕоруом, куттаныма, мин эйигин хаһан даҕаны куһаҕаҥҥа тиэрдиэм суоҕа, мин тылбын ылын

7 туохтуур #

Этэр санааны дьоҥҥо туох эмэ (хол., айымньы, уруһуй) нөҥүө биэр

Нууччалыы Излагать, сообщать, передавать свою мысль кому-л. (напр., читателю) посредством чего-л. (напр., через произведение)

  • Хайа да суруйааччы, хоһоонньут ылыммыт баҕатын уус хоһоонунан, эгэлгэ эриэккэс кэпсээнинэн бар дьоҥҥо тиэрдэн астыннарыахтаах.
    Эрилик Эристиин
  • Алампа саха кыыһын, дьахтарын ураты айылгытын иэйии-хоһоон тылынан тиэрдибитэ
    Чолбон

8 этии #

Нууччалыы Проявлять высокомерие к кому-л., пренебрегать кем-л., как недостойным, не равным себе

Этиилэр

Бэйэҕэр тиэрдимэ

кими эмэ сэнии санаа, бэйэҕэр холоомо, тэҥнээмэ Баай эмээхситтэр ону [Кэтириис сэниэ оҕонньорго кэргэн тахсыбытын] умнубаттар, бэйэлэригэр тиэрпэттэр.

  • Амма Аччыгыйа.

Төрдүгэр-төбөтүгэр тиэрт (тиий)

ымпыгар-чымпыгар тиийэ тугу эмэ бил, ыйыталас, түөргүлэс.

Докопаться до сути; расставить все точки над и.

  • Арааһа, оҕонньоттор-эмээхситтэр төрдүгэр-төбөтүгэр тиэрдэ түөргүлэспиттэр быһыылаах. Кустук.

Тылгын тиэрт көр тыл

  • Салайааччыгар тылгын тиэрт.

Тылла тиэрт көр тыл

  • Ону бу оҕонньордоох эмээхсиҥҥэ этэн, тылларын тиэрдэн, бу аан ийэ дойдуга -- бу уоллаах кыыһы үөһэттэн түһэриҥ. Ньургун Боотур. Ср. др. -тюрк. тегүр ʻдоводить; доставлять, приноситьʼ

«Т» буукуба