Перевод с якутского
торучча
аат тыл, даҕааһын
Нууччалыы торица.
1 аат тыл #
бот. Бурдугу сыыһырдар сытыы кыллаах, бытархай хара сиэмэлэнэр от
Нууччалыы Торица. Биһиги, өтөннөр, бэл торуччанан Бэркэ уойа-тото сылдьарбыт биллэр. Болот Боотур. Торучча, сыыс от хаһан да дэбигистик ылҕанан биэрээччитэ суох. Далан. [Иван Рязанов] бурдугу кытта тэҥҥэ үүнэн турар торуччаны турута тутан ылан көрдө. Н. Якутскай
2 даҕааһын #
суолт. Торучча сиэмэлээх
Нууччалыы С торицей
Тураҕас буулуур аттардаах, Торучча бурдук аһылыктаах -- Тулагы нэһилиэк оҕолоро Туһааннаахпын билэннэр, Тохтоон көрбөт буолтара. Саха нар. ыр. I I. Ср др. -тюрк. йорынча ʻклеверʼ, русск. торица ʻсемяʼ